среда, 8 апреля 2020 г.

Уруһуй дьарыга




  Уруһуй тиэмэтэ: “Таҥара ынаҕа”          
 («Божья коровка»)

Дьарык ис хоһооно: оҕолору дьэрэкээн дьүһүннээх үөнү-көйүүрү уруһуйдата үөрэтии. От күөх дьүһүннээх сэбирдэх кумааҕыга (улахан киһи эрдэ кырыйан бэлэмниир) хомурдуос олорорун көрдөрүү (уруһуйу уонна сыһыарыыны холбоон). Оҕону айылҕа кэрэ көстүүтүттэн сөҕөргө, үөрэргэ үөрэтии. Кыраасканан уруһуйдуур үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы, чиҥэтии (төгүрүк быһыыны хатылааһын, икки инструмены тэҥнэ туттарга үөрэтии – кисточканы уонна ватнай палочканы). Өҥү уонна быһыыны (форма) араара үөрэтии.
Дьарыкка туттуллар матырыйаал: улахан киһи кырыйан бэлэмнээбит от күөх сэбирдэҕэ (уруһуйу онно сыһыарыллар), кыһыл уонна хара өҥнөөх акварель эбэтэр гуашь кырааска, кисточка, ватнай палочка, уулаах ыстакаан, салфетка. Таҥара ынаҕын ойуута.
Литэрэтиирэ: Лыкова И.А. С. 130-131


Комментариев нет:

Отправить комментарий