Хайысханы үөрэтии
Уҥа-хаҥас
Үөһэ-аллара
Чугас-ыраах
Иннибэр-кэннибэр
Туох эмэ кыра оонньууру ылан оҕону хайысханы үөрэтэргэ туһаныллар. Хол., кыра массыынаны эбэтэр сымнаҕас кыыл оонньууру олоппос үөһэ уурарыгар, онтон алларатыгар, ол кэннэ чугас уурдарыы, ыраах илтэрии о.д.а. эрчийиллэр. Эбэтэр аттыбар туох баарый? Кэннибэр? Иннибэр? о.д.а.
Бириэмэни үөрэтии
сарсыарда
күнүс
түөртүүр (эбиэттэн киэһэ)
киэһэ
түүн
Хол., сарсыарда суунабын, сэрээккэлиибин, аһыыбын, уһуйааҥҥа барабын.
күнүс оонньуубун, таһырдьа тахсабын, утуйан ылабын о.д.а.
түөртүүргэ (эбиэттэн киэһэ) утуйан турабын, чэйдиибин, оонньуубун о.д.а.
Өҥнөрү үөрэтии
Маҥан
Хара
Кыһыл
Араҕас
От күөх
Халлаан күөх
Оҕоҕо сүрүн өҥү-дьүһүнү хатылааһын, чиҥэтии оонньууларын ыытыахха сөп. Хол., маҥан туох баар буоларый? Эбэтэр куобах, хаар хайдах дьүһүннээҕий? Онтон тураах? Саһыл? Телевизор? Сибэкки? Күн? о.д.а.
Ахсаан
Кыра бөлөх оҕото 1-тэн 5-с сыыппараҕа диэри билэрин ситиһиэхтээхпит. Хатылааһыҥҥа, чиҥэтиигэ маннык эрчиллиилэри оҥотторуохха сөп.
Хол., 2 сыыппара иннигэр хас сыыппара баарый? (биир) Онтон 2 кэнниттэн хас сыыппара кэлэрий? (биир) о.д.а.
Миэхэ, баһ., икки сөбүлүүр оонньуургун аҕалан көрдөр эрэ... о.д.а.
Эн билигин хас саастааххыный? Ол кэннэ аныгыскы төрөөбүт күҥҥэр хас сааскын туолаҕын?
Комментариев нет:
Отправить комментарий