понедельник, 13 апреля 2020 г.

Тылы сайыннарыы дьарыга

[Т] дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии

Дьарыкка бэлэмнэнии

  • Т дорҕоонноох тыллары чуолкайдык саҥарда үөрэтии: ат, от, эт, таас, тиис, таба, атах.
  • "Ү ө р б ү т - х о м о й б у т" оонньуу. Маҥнай үөрбүт сирэйи көрдөрөллөр, онтон хомойбут (хаста да хатылыыллар).
  • "Илиибитин суунабыт" тарбахтары эрчийии. Суунар курдук туттан, тарбахтары имитии, араастаан хамсатыы.
        1. Кыыллар тустарынан хоһоон ааҕан иһитиннэрии

Тор-торр! Туох торулуур,
        Тор-торр! Тоҥсоҕой торулуур.



Тиит дьиэлээх
 Тииҥ диэммин,
                 Эриэхэнэн эбиэттиибин,
                           Тиит туорааҕын тиниктиибин.

А.Николаев


   
 Саха сирин ойуурун
          Саамай бөдөҥ кыылабын.
         Халдьаайытын, хотоолун
   Хаһаайына буолабын.


П.Одорусов










2. Кинилэр бары теремок дьиэҕэ кэлбиттэр. Ааттааҥ эрэ кимнээҕин. (тоҥсоҕой, тииҥ, тайах)

3. Хамсаныылах тохтобул.

Суол устун хаамтыбыт, (Миэстэҕэ туран хаамыы)
Бу маннык хаамтыбыт,
Тэллэйи көрдүбүт,
Төҥкөйөммүт ыллыбыт. (Иннин диэки төҥкөҥнөөһүн)
Арыы төбө тэллэйбит
Муох анныгар саспытын
Хааман иһэр буоламмыт,
Өйдөөн көрөн буллубут. (Миэстэҕэ туран хаамыы)

5. Таабырыннары таайыах. Тяпа уонна Топа бараары туран таабырын таайтарыахтарын баҕарбыттар:
- Арыы тыа иһигэр кыһыл саһыл сытар үһү. (тыл)


















                                                                         - Тииттэн тииккэ ойуолуур,
  Тииһэ-уоһа обугуруур,
  Барар-кэлэр, чэрэҥэлиир,
  Болбуктаттан эриэхэлиир: (тииҥ)  

Е. Дмитриев

Комментариев нет:

Отправить комментарий