«Мас оҥоһук»
Сыала: мас оҥоһуктары кытары билиһиннэрии.
Соруктар:
Сайыннарар. Болҕомтону, толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы, кылгас түмүк оҥорорго үөрэтии.
Үөрэтэр. Мастан оҥоһуллубут биридимиэттэри хаачыстыбатынан көрөн билэргэ үөрэтии.
Тыл сайдытыа. Хаачыстыба, оҥоһук диэн тыллары туттан оҕо тылын саппааһын байытыы.
Иитэр. Аһыныгас, үтүө майгылаах буоларга иитии-такайыы.
Көрдөрөр матырыйаал:
Куукула, мас фигуралар уонна оҥоһуктар, уулаах иһит, мээчик.
Түҥэтиллэр матырыйаал: мас фигуралар
Эрдэтээҕи үлэ: мас оонньуурдарын оонньооһун, талахтары көрүү.
Методическай ньымалар: соһутуулаах түгэн, «Мас биридимиэттэр» дидактическай оонньуу, бэсиэдэ, биридимиэттэри чинчийии, судургу уопуттар, иитээччи (төрөппүт) кэпсээнэ, түмүк.
Дьарык хаамыыта
Биһиэхэ күүлэйдии куукула кэллэ. Кини корзиналаах. Ол корзинатыгар мас фигуралар бааллар.
-Дорообо, ...! Мин эргэ сундуукпуттан балары булан ыллым. Туохтарын, хантан кэлбиттэрин, баларынан тугу гынарбын билбэппин. Баҕар, эн көмөлөһүөҥ буолаарай?
Иитээччи/төрөппүт:
- Чэ эрэ, куукулаҕа көмөлөһөбүт дуо? Көрүөххэ эрэ тугу аҕалбытын. Туох эбитий? (оҕо эппиэтэ)
— Мас оҥоһук диэн тугуй? (Мас оҥоһук - ол аата мастан оҥоһуллубут)
— Ону ким оҥорбутуй?
(Оҕо эппиэтэ)
— Билигин мин кумааҕыга судургутук маһы уонна киһини уруһуйдуом. Фигуралары киһи мастан оҥорбут эбит диэн өйдүөҥ оччотугар.
Чинчийэр үлэ
Иитээччи/төрөппүт:
- Аны билигин мас оҥоһуктар хаачыстыбаларын быһаарыахпыт. Эн, куукула, болҕомтолоохтук көрөөр тугу оҥорорбутун. Тутан-хабан көрүөҕүҥ эрэ бастаан мас биридимиэттэрин. Хайдах эбитий?
(Оҕо эппиэтэ)
- ...., эн санааҕар, бу мас оҥоһугу тосту тутуохпутун сөп дуу?
(Оҕо эппиэтэ)
Иитээччи/төрөппүт куукулаттан эмиэ ыйытар итиннэ туох санаалааҕын.
- Чэ эрэ, тосту тутан көрүөх эрэ. Тоһунна дуо? Тоҕо, ол аата хайдах эбитий?
(Оҕо эппиэтэ)
- Арай сиргэ түһэрдэхпитинэ, туох буолуо дии саныыгын? (Оҕо эппиэтэ)
Иитээччи/төрөппүт куукулаттан эмиэ ыйытар итиннэ туох санаалааҕын.
- Бэрэбиэркэлиэҕиҥ. Алдьанна дуу?
- Аны ууга бырахтахпытына хайдах буолара буолуой? (Оҕо эппиэтэ)
- Иһиттээх ууга ылан угабыт. (Оҕо көрөн олорор). Туох буолла? (Ууга уста сылдьар, тимирбэт.)
Ууттан ороон куурда таһаарыллар.
Харах гимнастиката
Мээчиги үөһэ бырах
Уонна батыһыннара көр.
Билигин илиигин түһэр, сынньан,
1,2,3,4, 5
Ол кэннэ мээчиги эмиэ үөһэ бырах,
Хараххын кыччатан батыһыннара көр,
Уҥа-хаҥас көрүөхпүт,
Уҥа-хаҥас, уҥа-хаҥас.
Үөрэ-көтө оҥоробут. Маладьыас.
Харахпыт сынньанна,
Төгүрүччү сүүрэн ылыах.
- Чэ уоскуйаммыт саныахха эрэ, бүгүн мас оҥоһук туһунан тугу билбиппитин.
Оҕо кэпсиирин истэбит.
— Бу — мас оҥоһук. Кинини киһи оҥорбут. Кини кытаанах, хатыыта суох, ууга тимирбэт, сиргэ түстэҕинэ алдьаммат.
Иитээччи/төрөппүт:
- Итинник хаачыстыбалаахтар атын да мас оҥоһуктар. Билигин тулабытын эргиччи көрүөххэ эрэ, мастан оҥоһуллубут туох баар эбитий биһиэхэ. (судургутук эбэтэр мээчик биэрэ-биэрэ ааттатыахха эмиэ сөп).
Дидактическай оонньуу «Мас биридимиэттэр»
Түмүк (рефлексия).
Иитээччи/төрөппүт:
- Бүгүн тугу биллибитий?
- Эн эрдэ мас туһунан тугу билэр этигиний?
- Тугу оҥороргун ыарырҕаттыҥ?
- Тугу ордук өйдөөн хааллыҥ?
Түмүктүүр тыл/санаа
Иитээччи/төрөппүт:
— Куукула көмөлөспүппүт иһин махтанар. Кини мас оҥоһук туһунан олус элбэҕи биллим диэн үөрдэ.
Куукула оҕолуун быраһаайдаһар уонна барар. Оҕо дьарыктаммытын иһин хайҕанар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий