1 хардыы. Альбом лииһиттэн эбэтэр А4 кумааҕыттан түөрт муннук гына быһабыт. Үс муннуктуу хардарыта сурааһын оҥоробут |
2 хардыы. Эргитэн баран ортотунан бүк тутабыт |
3 хардыы. Көннөрдөххө маннык буолар |
4 хардыы. Ис өттүгэр бүк тутан үс муннук оҥоробут |
5 хардыы. Бу курдук буолар |
6 хардыы. Биир муннугун ылан үөһэ тутабыт |
7 хардыы. Иккис муннугун ылан үөһэ тутабыт |
8 хардыы. Бастакы муннукпутун түөрт муннук гына оҥоробут |
9 хардыы. Иккис муннукпутун түөрт гына тутабыт |
10 хардыы. Бастакы түөрт муннукпутун иккис түөрт муннуккка сыһыары тутабыт |
11 хардыы. Ол кэннэ ортотунан бүк тутабыт |
12 хардыы. Төптөрү арыйабыт |
13 хардыы. Үс муннук гына арыйа тутабыт |
14 хардыы. Аны иккис түөрт муннугун ылан бастакы түөрт муннукка сыһыары тутабыт |
15 хардыы. Эмиэ ортотунан бүк тутабыт |
16 хардыы. 13-с ойуу курдук оҥоробут |
17 хардыы. Аллара ортотугар баар буолбут үс муннугу үөһэ бүк тутабыт |
18 хардыы. Кэннин оруобуна 6-17 хардыылар курдук оҥоробут |
19 хардыы. Ракетабыт бэлэм буолла |
20 хардыы. Бу курдук кырааскалаан киэргэтиэххитин сөп. 3,2,1,0 Пуск! Ракета көтөн таҕыстаа! |
Комментариев нет:
Отправить комментарий