Тиэмэтэ "Чыычаах"
Дьарык иннинээҕи үлэ:
- Чыычаахтары кэтээн көрүү;
- Ойуулары, хартыыналары көрүү;
- Чыычаах туһунан хоһоон ааҕыы.
Чычып-чаап
Суорун Омоллоон
Кып-кыра чычып-чаап
Хап-хара харахтаах,
Кып-кыра чычып-чаап
Сып-сытыы тумустаах.
Кып-кыра чычып-чаап
Чап-чараас кынаттаах,
Кып-кыра чычып-чаап
Чыып-чаап ырыалаах.
- Бырагыраама соруга:
- - Чыычааҕы мэһийэн оҥоруу - төбөтүн, иһин, кутуругун.
- - Пластилины икки чааска арааран ытыс иһигэр төгүрүтэн мэһийэргэ үөрэтии, чаастары бэйэ-бэйэтигэр кымаахтыыр, ууннары тардар, лэппэтэр ньымаларынан сыһыарарга салгыы үөрэтии.
- - Үлэлиир кэмҥэ чэнчистик, ыраастык туттарга, саҕалаабыт үлэни тиһэҕэр тиэрдэргэ үөрэтии-такайыы.
Матырыйаал:
- Пластилин, мэһийэр дуоска, салфетка.
- Мас, хонуу, семечка (туораах)
- Холобур (образец).
Дьарык хаамыыта:
Иитээччи/төрөппүт:
|
- Тоойуом, миэхэ чугаһаа уонна таабырынна таай эрэ:
«Хайалара маска олорон
Чуопчаара ыллыырый?» (чыычаах)
|
Иитээччи/төрөппүт:
|
- Саамай сөп, маладьыас, ол чыычаах.
Күүлэйдии сылдьан чыычаах көрбүппүтүн өйдүүгүн дуу? Онно кини көтө сылдьара уонна ырыа ыллыыра дии.
Хоһоонно иһит эрэ:
«Чыычаах көтөн кэлэн кирилиэскэ олордо
Уонна кини ыйытта: «Уу ханна баарый?»
-Чыычаах, чыычаах барахсан, мэ, уу бу баар,
Килиэп тоорохойун ытыспыттан ылан сиэ.»
(Оҕо чыычаах ытыһыгар олорон килиэп тоҥсуйан сиирин курдук туттар)
|
Иитээччи/төрөппүт:
|
- Билигин ханнык дьыл кэмэй? (саас)
- Оннук, билигин дьыл кэмэ саас. Халлаан сылыйан чыычаахтар, көтөрдөр соҕурууттан көтөн кэлэр кэмнэрэ. Кинилэр биһиги дойдубутугар уйа туттан сымыыт баттыыллар, оҕолорун көччөх гынан көтүтэллэр. Ол эрэн билигин бары кэлэ иликтэр. Биһиги дьиэбит таһыгар биир чыычаах кэлэн соҕотохсуйан олорор эбит. Чэ эрэ, аны билигин, эн биһикки киниэхэ доҕор чыычаах оҥоруохха, оччоҕо кини чуҥкуйан бүтүө этэ.
(Остуолга кэлэн олоруу)
|
Иитээччи/төрөппүт:
|
- Көр эрэ, мин чыычаах оҥорбутум ээ.
- Кини хайдах эбитий? (истээх, төбөлөөх, тумсулаах, кутуруктаах)
- Иһэ уонна төбөтө хайдах быһыылаахтарый? (төгүрүк)
- Өйдөөн көрдөххө, төбөтө улахан дуу, иһэ дуу? (иһэ)
- Билигин мин эйиэхэ хайдах оҥорбуппун көрдөрүөм.
|
Көрдөрүү уонна быһаарыы:
Пластилины икки чааска араарабыт. Биирэ улахан иһигэр, иккиһэ кыра төбөтүгэр буолар.
Улаханын ылан ытыспыт иһигэр төгүрүтэбит уонна икки тарбахпытынан (сөмүйэ, ыйар тарбах) кымаахтаан кыракый кутурук оҥоробут.
Кыра пластилиммытын ылан эмиэ ытыспыт иһигэр төгүрүтэбит, төп-төгүрүк буолан тахсыахтаах. Тумсун семечканан оҥоруохпут.
Билигин төбөтүн уонна иһин холбуубут.
Олус да үчүгэй чыычаах буолан таҕыста.
| |
Чиҥэтии:
- Чыычаахпытын пластилины хас чааска арааран оҥоробутуй?
(икки - улахан уонна кыра)
- Төбөтүн, иһин хайдах оҥоробут?
(ытыспыт иһигэр төгүрүтэн)
- Онтон кутуругун? (кымаахтаан)
| |
Иитээччи/төрөппүт:
|
- Дьэ аны билигин оҥорон саҕалыыбыт.
(Бу кэмҥэ муусука, ырыа холбуохха сөп. Көрөн олорон ыйан, көмөлөһөн бэриллэр. Бүтэрбитин кэннэ чыычааҕы көстөр сиргэ (маска) олордуу).
|
Түмүк:
- Маладьыас, чыычааҕын олус диэн табылынна. Кини онтон наһаа үөрдэ уонна ырыа ыллаата. (Кыаллар, баар буоллаҕына чыычаах ырыатын иһитиннэриэххэ сөп).
|
Комментариев нет:
Отправить комментарий