вторник, 14 апреля 2020 г.

Ахсаан дьарыга

Геометрическай фигуралары хатылааһын
Физминутка Про Геометрические Фигуры
Сыала: геометрическай фигуралары чиҥэтии, "төһө?" "хас?" диэн ыйытыыларга биир, элбэх, биир да суох диэн эппиэттииргэ үөрэтии.
1. Биир уонна элбэх предметтэри көрүү-истии (оонньуурдар, сибэкки, ТВ, телефон, харандаас, кинигэ о.д.а.)
2. Оонньуу "Дьиэҥ иһигэр геометрическай фигураларга маарынныыр предметтэри бул".
Бу оонньуу кэмигэр сүрүн өҥнөрү (кыһыл, араҕас, от күөх, халлаан күөх, маҥан, хара) эмиэ хатылыахха сөп. Хол., телевизор түөрт муннукка маарынныыр, хара өҥнөөх, чаһы  төгүрүк о.д.а.
3. Кубиктарынан сорудахтаах оонньуу. Муостаҕа элбэх соҕус кубиктары ыһан ууруу. Кээмэйдэринэн (улахан-кыра), дьүһүннэринэн араартара үөрэтии. Иһиккэ (хоруопкаҕа, биэдэрэҕэ) эбэтэр көннөрү чөмөхтөөн наардатыахха сөп. 
4. Хамсаныылаах тохтобул
1, 2, 3, 4, 5 (тарбахтарынан ааҕыы)
Куобахчааннар  күүлэйдии таҕыстылар, (куобах курдук ыстаныы)
Арай мас кэнниттэн булчут ойон тахсыбыт (саалаах киһини үтүктүү)
Уонна куобаҕы кыҥаан ыппыт, (ытар курдук туттуу)
Пив-пав, ой-ой-ой. Куобахчааным куотан хаалла! (ыстанан куотуу)
5. Оонньуу "Биир уонна элбэх" (остуолга олорон). Туттуллар тэрил - тэриэлкэ, төгүрүк кумааҕылар уонна хоруопка. Оҕоҕо бастаан тэриэлкэ кураанаҕын, төгүрүк быһыылааҕын ыйытан өйдөтүү, ол кэннэ биир кумааҕы төгүрүгү ылан тэриэлкэтигэр уурдарыы. Хас төгүрүк тэриэлкэҕэ баар буолбутун (биир) уонна хоруопка иһигэр элбэх кумааҕы төгүрүк хаалбытын өйдөтүү. Салгыы тэриэлкэтиттэн кумааҕы төгүрүгүн ылан төптөрү хоруопкаҕа уктарыы уонна тэриэлкэтигэр биир да суох буолбутун өйдөтүү. Салгыы тэриэлкэҕэ элбэх буолуохтааҕын, онтон хоруопкаҕа биир да суох буолуохтааҕын өйдөтөн сорудахтааһын. Хас сорудах ахсын "төһө?" "хас?" буолбутун ыйытан бигэргэтэн иһиллэр. 
Өйдөөҥ: оҕо сөпкө оҥордоҕуна, хайҕанар, ыарырҕаттаҕына сүбэлээн, көмөлөһөн биэриллэр.
позитив. СМАЙЛИКИ, СТРИКЕРЫ | Смайлики, Смешные смайлики и Смешные ...
Ситиһиилэри, ахсаанныын доҕордоһуҥ!


Комментариев нет:

Отправить комментарий