«Блины буһарабыт»
- нуучча норуотун үгэһин кытары билиһиннэрии, Масленица диэн бырааһынньык баарын өйдөтүү;
- тыл саппааһын байытыы;
- тыл саппааһын байытыы;
- бэлэм төгүрүк форманы кичэллээхтик кырааскалыыр үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы, ватнай палочканан уруһуйдуурга салгыы үөрэтии.
Эрдэтээҕи үлэ: «Масленица» презентация көрдөрүү
Матырыйаала: араҕас уонна кугас гуашь эбэтэр акварель кырааска, киистэ, ватнай палочка, салфетка, альбом лииһиттэн кырыллыбыт төгүрүк форма, эһэ уонна куобах оонньуурдар.
Дьарык хаамыыта:
Презентацияны көрүү.
Иитээччи/төрөппүт: Манна Масленица диэн бырааһынньык көстөр. Бу кыһыны атаарыы бырааһынньыга буолар. Дьон маанытык таҥнан-симэнэн, бэйэ-бэйэлэригэр күүлэйдии бараллар эбит. Ол баралларыгар булгуччу блины астаан илдьэллэр эбит уонна чэйдииллэр. Таһырдьа, уулуссаҕа эмиэ бырааһынньык ыытыллар. Атынан хатааһылыыллар, хоробуоттууллар о.д.а. Тоҕо Масленица диэн ааттаммытый диир буоллахха, нэдиэлэ устата блины буһараллар эбит. Ол иһин итинник ааттаммыт. Блины арыылаах буолар.
Эппитим курдук, Масленицаҕа дьоҥҥо күүлэйдии барарга блины илдьэллэр. Көр эрэ, биһиэхэ кимнээх эрэ күүлэйдии кэлбиттэр эбит. Куобахчаан уонна эһэчээн. Кинилэри блинынан күндүлүүбүт дуо?
Иитээччи/төрөппүт: Блины туохха майгынныырый?
Оҕо: Төгүрүккэ, күҥҥэ.
Иитээччи/төрөппүт: Хайдах өҥнөөҕүй?
Оҕо: Араҕас.
Иитээччи/төрөппүт: Хайдах быһыылааҕый (формалаах)? Оҕо: Төгүрүк
Оҕо: Төгүрүккэ, күҥҥэ.
Иитээччи/төрөппүт: Хайдах өҥнөөҕүй?
Оҕо: Араҕас.
Иитээччи/төрөппүт: Хайдах быһыылааҕый (формалаах)? Оҕо: Төгүрүк
О й у у н а н ү л э
Иитээччи/төрөппүт: Дьэ бу хобордооххо блины тиэстэтин куттулар (ойуу көрдөрүү). Көр эрэ, эн кумааҕын эмиэ тиэстэ курдук маҥан. Онтон блиныбыт саһарчы буспут (буспут блины ойуута). Биһиги төгүрүкпүт буспут блиныга майгынныырыгар тугу гынарбыт буолуой? (оҕо эппиэтэ). Сөп, кырааскалыахтаахпыт. Араҕас дьүһүннэммитин кэннэ ватнай палочканан кугас хабахтары (туочукалары) оҥоруохпут.
Иитээччи/төрөппүт хайдах сөпкө кырааскалыыры, уруһуйдууру санатар.
Иитээччи/төрөппүт: Дьэ эрэ, аны билигин куобахтаах эһэбитигэр блиныбытын көрдөрүөххэйиҥ. Кэһиибит бэлэм буолла!
Түмүк (рефлексия)
Иитээччи/төрөппүт: ...! Бүгүн туох диэн бырааһынньык туһунан кэпсэттибит?
Оҕо: Масленица.
Иитээччи/төрөппүт: Тугу буһаралларый бу күн?
Оҕо: Блины.
Иитээччи/төрөппүт: Масленицаҕа дьон бэйэ-бэйэтигэр күүлэйдиирин таһынан хоробуоттуур, оонньуур, ыллыыр, үҥкүүлүүр. Ити курдук нуучча норуота кыһыны атаарар, сааһы уруйдуу көрсөр дьикти кэрэ бырааһынньыктаах эбит.
- Маладьыас, блиныҥ олус табыллыбыт. Куобах уонна эһэ үөрдүлэр, күндүлээбитин иһин махтаннылар.
Комментариев нет:
Отправить комментарий