[Дь] дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии
- Дь дорҕоонноох тыллары саҥарда үөрэтии: дьэдьэн, алаадьы, дьиэ, дьыбаан, дьааһык, дьууппа.
- Куолаһы соноторго, синньэтэргэ үөрэтэр эрчиллиилэр: - Улахан кус хайдах саҥарар, оттон кыра кус? - Улахан ыт хайдах үрэр, оттон кыра ыт?
- Тылларынан "Минньигэс барыанньа", "Халаачык", "Лаппаакы" эрчиллиилэри оҥороллор.
- Кумааҕы лыахтары үрэн көтүтэллэр.
Дьарык хаамыыта
1. Логоритмика.
- Оҕолоор, тыаҕа ханнык кыыллар олороллоруй ? Мин хоһоон билэбин.
Тыаҕа эһэ маннык хаамар, (эһэ хаамарын үтүктэллэр)
Куттас куобах маннык ойор, (куобах курдук ойоллор)
Оттон биһиги кырачааннар
Атахпытын өрө көтөҕөн
Маннык дайбаан хаамабыт. (миэстэлэригэр хаамаллар)
2. Тарбах эрчиллиитэ.
- Хааман иһэбит, хааман иһэбит, дьиэҕэ тиийэн кэллибит.
- Дьиэҕэ ким олороруй? Ийэм, аҕам, эдьиийим, убайым уонна мин.
- Тарбахтарбыт кэпсииллэр.
Бу ийэм, (тойон эрбэҕи көрдөрөллөр)
Бу аҕам, (сөмүйэни көрдөрөллөр)
Бу эдьиийим, (ортоку тарбаҕы көрдөрөллөр)
Бу убайым, (аата суоҕу көрдөрөллөр)
Бу мин. (ылгын чыҥыйаны көрдөрөллөр)
Бары бииргэ сылдьабыт,
Бары бииргэ оонньуубут. (тарбахтарын араастаан хамсаталлар).
3. Ойуунан үлэ.
- Эдьиийим уруһуйдуурун сөбүлүүр. Тугу уруһуйдаабытый, көрүөҕүҥ: дьэдьэн, алаадьы, дьиэ, дьыбаан, дьааһык, дьууппа. Хатылааҥ.
- Ханнык уруһуйу сөбүлээтигит?
- Мин дьэдьэни сөбүлээтим.
- Дьэдьэн хайдаҕый? (минньигэс, кыһыл)
4. Хоһоону ааҕыы.
Дьиэбэр ийэбэр
Дьэдьэммин илдьиэҕим,
Дьиэбэр эдьиийбэр
Дьэдьэнтэн бэрсиэҕим.
П.Тобуруокап
5. Хамсаныылаах оонньуу.
- Дьэдьэннэри хомуйуоҕуҥ.
6. Уруһуйдааһын.
- Аны дьэдьэммитин кырааскалыыбыт.
Комментариев нет:
Отправить комментарий