Тиэмэтэ: Бириэмэ, суутка кэмин туһунан салгыы билиһиннэрии
Сыала:
- Бириэмэ, суутка кэмин туһунан билиини хатылааһын, чиҥэтии (сарсыарда, күнүс, киэһэ, түүн)
Соруктар:
- оҕо күннээҕи олоҕор бириэмэ, суутка кэмин өйдүү, араара, тутта үөрэниитин ситиһии
- оҕо тылын саппааһыгар сарсыарда, күнүс, киэһэ, түүн диэн тыллары киллэрии
- оҕо болҕомтотун, толкуйдуур дьоҕурун, дьарыктанар үөрүйэҕин сайыннарыы.
Дьарык хаамыыта:
Бүгүн биһиги бэрт интэриэһинэй сиргэ ыалдьыттыахпыт. Эн онно барарга бэлэмҥин дуо? Ол сирбит «Бириэмэ дойдута» диэн ааттаах.
Ити дойдубут кыра-кыра арыылартан (остров) турар, онно бириэмэлэр о.э. суутка чаастара олороллор эбит. «Бириэмэ дойдутугар» паровоһунан барыахпыт.
(паровоз курдук субуруйан хоһу эргийии)
- Көр эрэ, ханна эрэ тиийэн кэллибит.
Күн саһарҕата сандаарда,
Олбуорга бөтүүк хаһыытаата,
Куоскалар сууннулар,
Оҕолор турдулар.
- Бу хаһан буоларый?
- Саамай сөп. Сарсыарда.
- Кырдьык, сарсыарда буолбут эбит. Күммүт тахсыбыт. Ол эрээри биир куоска өссө да турбакка утуйа сытар дии. Уһугуннарыахха эрэ кинини (туруораллар). Сарсыарда туран баран тугу гыныахтаахпытый, ол туһунан куоскаҕа кэпсээ эрэ: тииспитин, илиибитин, сирэйбитин суунабыт, чэйдиибит.
- Эн сарсыарда тиискин суунаҕын дуу?
- Суунабын.
- Куоскаҕа көрдөр эрэ хайдах суунаргын (оҕо көрдөрөр)
- Маладьыас! Салгыы айанныахха... (эмиэ паровоз буолан хоһу эргийии). Ханна кэлбиппитин таайаар эрэ бэйэҥ.
Күммүт үөһэ ойбут,
Киэһэ буолуо өссө да ыраах,
Кутуйахчаан туораах таһар хороонугар,
Оттон оҕо оонньуур, кинигэ көрөр.
- Хаһан ити буоларый? Сөп, күнүс.
Дьэ бу куоскабыт кэллэ биһигинниин дьарыктанаары. Сотору эбиэттиэхпит. Эн хаһан эбиэттиигин? (күнүс). Дьэ эрэ күнүс тугунан дьарыктанаргын кэпсээ эрэ (оонньуубун). Куоска эмиэ оонньуон баҕарбыт.
Тик-так, тик-так чаһы хаамар, (уҥа-хаҥас иэҕэҥнээһин)
Иннинэн-кэннинэн атыллыыр.
Илиибитин өрө уунуох.
Тик-так, тик-так. Чаһыбыт хаамар.
Уҥа, хаҥас хамсаныаҕыҥ,
Уонна саҥаттан саҕалыаҕыҥ!
Маладьыас!
Биһиги айаммыт салҕанар. Көр эрэ, үһүс арыыбыт тиийэн кэллэ.
Күммүт кытаран киирдэ,
Тииҥ уйатыгар саста,
Чуумпуран сытан
Остуоруйа истэр кэммит чугаһаата.
Бу сирбит «киэһэ» диэн ааттаах. Киэһэ биһиги тугу гынабыт (киэһээҥҥи аһылыкпытын аһыыбыт, ороммутун оҥостобут, утуйар таҥаспытын кэтэбит)
- Бу ханнык "сир" эбитий? (киэһэ). Cөп. Биһиги өссө биир сиргэ сылдьа иликпит. Ол бүтэһик сирбит буолуоҕа. Ханнык сир буоларын болҕойон иһит эрэ.
Халлааҥҥа сулустар хойдубуттар,
Чыычаахтар, кыыллар утуйбуттар,
Сибэккилэр кытары нуоҕайбыттар,
Биһиги ороммутугар сыттыбыт.
- Сибигинэйэн эт эрэ, ити хаһан буоларый? (түүн).
- Оннук, түүн дьоннор, кыыллар бука бары утуйаллар, түүл түһүүллэр. Эн хайдах утуйааччыгыный? (оҕо утуйан көрдөрөр). Сөп, итинник. Куоскабыт эмиэ утуйбут эбит, түһээн сүүрэр быһыылаах. Бу ханнык сир буоларый? Сөп. «Түүн».
- Маладьыас, бүгүн биһиги «Бириэмэ дойдутугар» күүлэйдээтибит. "Сарсыарда", "күнүс", "киэһэ" уонна "түүн" диэн сирдэргэ сырыттыбыт. Итилэри барытын суутка диэн ааттыыбыт. (Суутка диэн тылы оҕоҕо хатылатыллар).
- Аны билигин «Бириэмэ дойдутуттан» дьиэбитигэр төннүөхтээхпит. (Паровоз буолан хоһу төптөрү эргийии, ол кэмҥэ ырыа ыллыахха эбэтэр муусука холбуохха сөп).
- Чэ эрэ, кыратык оонньуу түһүөххэ эрэ. Оонньуубут аата «Хаһан буоларый?» диэн. Мин эйиэхэ хартыыналары көрдөрүөм, эн бириэмэ ханнык кэмэ буоларын таайыахтааххын.
Эбэтэр тылынан таайтарыы-
1. Сарсыарда: хонууга сибэкки тыллыбыт, эн ороҥҥор тыыллаҥныыгын.
2. Күнүс: куоска үүт иһэр, таһырдьа тахсан күүлэйдиир.
3. Киэһэ: чыычаахтар ырыалара чуумпурда, оҕолор мультик иһийэн көрөллөр.
4. Түүн: кутуйахтар хачыгырыыллар, оонньуурдар, оҕолор утуйаллар.
Маладьыас!
Бүгүн биһиги интэриэһинэй сиргэ ыалдьыттаатыбыт. Ханнык сирдэргэ сырыттыбыт? "Сарсыарда", "күнүс", "киэһэ" уонна "түүн". Холбоон суутка дэнэр. Онно өссө күүлэйдии барыаҥ этэ дуу? (оҕо эппиэтэ). Тоҕо? (оҕо эппиэтэ)
Комментариев нет:
Отправить комментарий