«Колобок сырыыта»
Сыала: Предмети кээмэйинэн, үрдүгүнэн, өҥүнэн, кэтитинэн араарга, бөлөхтөрүнэн наардыырга үөрэтии. Хайысханы салгыы үөрэтии, хатылааһын (уҥа - хаҥас, аллара - үөһэ). Болҕомтону, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы. Дьарыкка тулуйан олорорго, үлэлииргэ үөрэтии, интэриэһи үөскэтии.
Дьарык хаамыыта:
Иитээччи/төрөппүт: Таабырын хоһоону иһит эрэ.
Түннүктэн сиргэ
Төкүнүйэн түспүт,
Уонна суол устун
Айанныы турбут.
Кимий ол? (колобок)
- Саамай сөп! Онтон туох буолла этэй остуоруйа бүтэһигэр? (саһыл сиэбитэ)
- Билигин биһиги ол остуоруйаҕа айанныахпыт, онно Колобок саҥа доҕотторун көрсүөҕэ.
- Айанныахпыт иннинэ тарбахчаан оонньуутун оонньуохпут:
Куобах илин атахтарын
Чөмөхтүү тутан
Аһыҥканы туппут,
Онтон нэлэс гыннаран
Аһыҥката куотан хаалбыт.
- Бу Колобок дьиэтэ. Онтон бу тугуй? (күлүүс)
- Хайдах арыйабытый? (күлүүс тылынан)
- Хас күлүүс баарый? (биир)
- Онтон күлүүс тыллара? (элбэх)
- Биир сөбүлээбит күлүүһүн тылын ыл.
- Дьиэ аанын арыйарга сөптөөх күлүүс тылын булуохтаахпыт. Хайдах быһыылаах күлүүһүй? (түөрт муннук, квадрат)
- Чэ эрэ, түөрт муннук күлүүһү бул эрэ.
- Дьэ ааммытын арыйдыбыт. Колобокпут бу баар эбит. Билигин кини доҕотторун көрдүү барыахпыт.
- Икки суол сытар эбит иннибитигэр. Кэтиттэринэн хайдахтарый? (биирэ синньигэс, иккиһэ кэтит)
- Синньигэс суолбут хайдах өҥнөөҕүй? (араҕас)
- Биһиги кэтит суолунан барыахпыт. Хайдах өҥнөөҕүй? (халлаан күөх)
- Чэ бардыбыт. (Халлаан күөх кэтит суолунан бараллар)
Оҕону олордуллар. (Иитээччи/төрөппүт куобах кулгааҕын көрдөрөр)
Куобах: Дорообо, Колобок! Мин эн доҕор көрдүүргүн билэбин.
Колобок: Ээ
Куобах: Иккиэн доҕордоһуох.
- Колобок саҥа доҕорун күндүлүөн баҕарбыт да, тугу сөбүлээн сиирин билбэт эбит.
- Үөһэ долбуурга туох сытарый? (моркуоп)
- Онтон аллараа долбуурга? (уҥуох)
- Ыскаап үөһэ туох баарый? (хаппыыста)
- Ыскаап аллара өттүгэр? (кэмпиэт)
- Итилэртэн куобах тугу сөбүлүүрүй? (моркуоп, хаппыыста)
- Итилэри биир тылынан туох диэххэ сөбүй? (оҕуруот аһа)
- Ханнык долбуурга баалларый? (үөһэ)
- Куобах сөбүлүүр астарын сиэн үөрбүт, манньыйбыт. Көрсүөххэ диэри, куобахчаан!
- Колобок суол устун салгыы төкүнүйэ турбут. Уу, наһаа да үчүгэй хонууга тиийэн кэлбит. Манна кини сынньаныан, оонньуон баҕарбыт.
Хонууга кэлэммит
Сибэкки хомуйуохха,
Араҕас, кыһыл,
Маҥан, күөх өҥнөөх
Дьэрэкээн букет оҥоруохпут.
- Колобок сынньанан баран салгыы айаннаабыт, арай хайалара эрэ тахсан кэлбит:
Саһыллыын эрэ доҕордоһор,
Куруук аччык, кыыһырымтаҕай,
Ардьай тиистэрин килэтэр
Олус да кутталлаах кыыл (бөрө)
Бөрө: Оо, оҕолоор, миэхэ көмөлөһүҥ эрэ. Миигин доҕотторум ыалдьыттата ыҥырбыттара, ол эрэн мин ким ханнык дьиэҕэ олорорун олох билбэппин. (Остуолга олорон эрэ дьарык, араас кыыл, дьиэ ойууламмыт уруһуйа сытар).
- Кыыллары дьиэлэринэн наардыахпытын наада. Эһэ хайдах дьиэҕэ олороруй? (улахан дьиэҕэ)
- Тоҕо? (кини улахан)
- Халлаан күөх харандааһынан сурааһын оҥорон эһэни дьиэтигэр атаарыахпыт. (атын кыыллары эмиэ оннук дьиэлэрин буллартыыбыт).
Бөрө: Баһыыба!
- Көрсүөххэ диэри, Бөрө. Биһиги салгыы барыахпытын наада. (Хонууга кэлэбит, көбүөргэ олоробут)
Эһэ: Соҕотоҕун чуҥкуйдум даҕаны. Эһигини кытары оонньуохпун баҕардым.
Колобок: Оччоҕо биһигинниин доҕордос уонна оонньоо.
- Эһэ тугу сөбүлээн сиирий? (мүөт, отон)
- Оннук, кини отоннорун ахтыбыт аҕай уонна уруһуйдуон баҕарбыт.
(остуолга күн, халлаан, отон уруһуйдаах лиис сытар)
- Күн хайдах өҥнөөҕүй? (араҕас)
- Халлаан? (халлаан күөх)
- Отон? (кыһыл)
- Уруһуйга туох эрэ тиийбэт? (от суох эбит)
Оту уруһуйдаан бэриллэр.
- Эһэбит дьиэтигэр бараары ыксыыр. Көрсүөххэ диэри, эһэ!
- Көр эрэ, мас кэннигэр туох эрэ саспыт? (кутуруктар)
- Туох кутуруктарай? (саһыллар)
- Кутуруктарбыт тэҥнэр дуу, араас-араастар дуу? (Араастар: биирэ – кылгас. Иккиһэ – уһун)
- Хайдах биллиҥ, быһаар эрэ. (кутуруктары иккиэннэрин ылан сыһыары тутабыт, оччоҕо көстөн кэлэр)
- Маладьыас! Хайа, бу саһыл бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии! Саһыл: Маладьыас, ...! Балтычааннарым кутуруктарын булбутун иһин махтанабын эйиэхэ.
- Эһиги ханна сырыттыгыт?
- Ханнык кыыллары көрдүгүт?
- Кинилэрдиин тугу гынныгыт?
Чэ, мин бардым! Балтыларбар кутуруктарын биэрэ охсуом этэ. Көрдөөбүттэрэ ыраатта. Көрсүөххэ диэри!
Биһиги эмиэ дьиэбитигэр барыах. Олус бэркэ күүлэйдээтибит дии. Колобок доҕотторун көрсөрүгэр көмөлөстүбүт.
Комментариев нет:
Отправить комментарий