[Ҕ] дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии
Дьарык хаамыыта
1. - Бүгүн биһиги эмиэ көрдөөх тылчаан буола оонньуохпут.
Иитээччи/төрөппүт кэпсиир: "Тылчаан уһуктубут. Аанын аһан өҥөйөн көрбүт. Үөһэ көрбүтэ күннээх эбит. Аллара көрбүтэ - чалбах суох. Тылчаан үөрбүт, күүлэйдии барбыт (уҥа, хаҥас хамсаталлар). Тылчаан үүт испит, куоска курдук уоһун салбаммыт. Онтон атынан хатааһылыы барбыт (таҥалайдарын тыаһаталлар). Сылайбыт. Дьиэтин түгэҕэр түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн сыстан хаалбыт". Ол кэмҥэ баҕачаан ыстанан кэлбит. Илиибитин баҕа курдук тутуоҕуҥ.
2. "Баҕа". Тарбах оонньуута.
Бах-бах баҕачааммын,
Бадарааҥҥа ойуоккалыыбын,
Бырдаҕы көрөммүн
"Кыбаа-кыбаа" диэн хаһыытыыбын.
П. Петрова
3. "Дьикти холбука" оонньуу.
- Биһиэхэ Бэргэн ыалдьыттыы кэллэ. Кини дьикти холбукаҕа туох эрэ кэһиилээх. Оҕо дорооболоһор.
- Бэргэн, холбукаҕын ас эрэ, баһаалыста. Оо, араас ойуу бөҕө! Бэргэн Х уонна Ҕ дорҕоонноох ойуулары тус-туспа уурарбар көмөлөс диир. (Холбука иһигэр хаас, баҕа, саҕа, хаҥкы, сыарҕа, кэҕэ, ооҕуй, моҕотой ойуулара бааллар). Х уонна Ҕ дорҕоонноох тыллары чорботон чуолкайдык этэр.
4. Хамсаныылаах тохтобул.
Уот кыһылчаан сибэкки
Сэбирдэхтэрин арыйбыт. (тобуктаан олорон, илиини сибэкки курдук арыйыы)
Чуумпу тыалбыт үрдэҕинэ
Сэбирдэхтэр хамсыыллар. (илиини далбаатаан иэҕэҥнээһин)
Киэһэ буолла, сэбирдэхтэр
Сабыллаллар бу маннык. (кумуччу туттан хамсаабакка олоруу)
Төбөлөрүн хамсаталлар, (төбөнү уҥа-хаҥас хамсатыы)
Уу чуумпутук утуйаллар. (утуйбут курдук туттуу, хараҕы симии)
5. Иитээччи/төрөппүт кэпсиир: "Арай оҕус уулуу турбут. Ону баҕа көрбүт. Баҕа оҕус буолуон баҕарбыт. Кини үллүбүт. Үллэн испит. Хабах саҕа буолбут. Онтон эмискэ: "Паа-ыс" гынан хаалбыт. Баҕа хаҕа эрэ хаалбыт". Бэргэн ити туһунан өссө хоһоон билэр эбит, истиэҕиҥ эрэ уонна үтүктүөҕүҥ:
Оҕус саҕа буолуоҕун
Оҕо баҕа баҕарбыт,
Хабах саҕа буолаатын
Хаҕа хайа ыстаммыт.
П. Тобуруокап
6. ..., көр эрэ, баҕа үллэн хабах саҕа буолбут. Бу бачча (саарык тэстиэр диэри үрэн көрдөрөр). Тоҕо саар тэһиннэ? Үрбүппүтүгэр салгын киирдэ уонна саарык чараас буолан хайа барда.
7. Эрчиллии.
Ҕ дорҕоону иһиттэххинэ, таһын: С, Р, Ҕ, Д, Х, Һ, К, Ҕ, Л, С.
8. Быластылыынынан баҕаны мэһийэн оҥоруу.
Комментариев нет:
Отправить комментарий