"ЭЙЭ, ДЬОЛ ХОЛУУБА"
Сыала: ураты ньыманан холуубу уруһуйдуурга үөрэтии
Соруктар:
- ытыһы кырааскалаан (холууп) уруһуйдуур ньыманы көрдөрүү, ватнай палочканан (хараҕа), киистэнэн (тумса, атаҕа) сөпкө туттан кырааскалыырга салгыы үөрэтии,
- айар-тутар дьоҕуру сайыннарыы,
- көтөргө, айылҕаҕа тапталы иитии.
Эрдэтээҕи үлэ: бэсиэдэ, кэпсээн, быһааран, илдьиритэн биэрии, практическай дьарык, хайҕааһын.
Матырыйаала: «Үгэс буолбут уруһуйтан ураты ньыма», араас холууп ойуулара, дидактическай эрчиллии «Уратыны бул».
Бүгүн биһиэхэ чыычаах көтөн кэллэ. Холууп. Кини көмөлөһүҥ миэхэ диэн көрдөһөр. Доҕотторо суох эбит, онон мин курдук холуупта оҥорон биэр диир.
..., көмөлөһөбүт дуо, холуупка? (Оҕо эппиэтэ).
1. Таабырын:
Болҕойон олорон таабырынна иһит эрэ.
Туораах аһылыктаах,
Килиэп бытархайын да сиир,
Дьиэ үрдүгэр уйаланар
Биһиги тапталлаах ... (холууппут)
- Сөп, холууп буолар.
2. Тиэмэни иһитиннэрии.
Биһиги холууппутун уратытык уруһуйдуохпут.
- Эн киистэнэн ураты тугунан эмэ уруһйдаабытыҥ дуо? (Оҕо эппиэтэ).
Дьыссаакка куобаҕы, күнү ватнай палочканан кырааскалаабытыҥ. Онтон билигин ытыспытынан, тарбахтарбытынан уруһуйдуохпут. Ыраастык үлэлииргэ кыһаллыахтаахпыт.
3. Саҥа матырыйаалы быһаарыы.
Холууп – дьиикэй көтөр. Ол эрэн анаан иитэр дьон баар буолар. Килиэккэҕэ олордоллор. Холуубу эйэни, дьолу бэлиэтиир көтөрүнэн ааҕаллар. Ол иһин бырааһынньыктарга кинилэри халлааҥҥа көтүтэллэр. Открыткаҕа элбэхтик уруһуйдууллар. Холууп олус өйдөөх көтөр. Кини төһө да ыраах көтөн барбытын иһин, төптөрү муммакка-сүппэккэ тиийэн кэлэр эбит.
Дидактическай эрчиллии «Уратыны бул»
Туох атын баарый? Тоҕо? Ону быһаарыахтаахпыт.
Араас холууп көрүҥүн көрүөхпүт, билсиэхпит (араас боруодалаах холууптары көрүү).
Чэ эт эрэ, туох уопсай баарый бу ойууларга? (Бары тумсулаахтар, кынаттаахтар)
Онтон туох эмэ атыннаахтар дуу? (Тас көрүҥнэринэн, түүлэрин өҥүнэн)
Түүлэрэ хайдах өҥнөөх эбитий? (Эриэн эбэтэр биир өҥнөөхтөр).
Сөп. Ити курдук биһиги холууп араас көрүҥүн кытары билистибит.
- Эн көтөрдөрү сөбүлүүгүн дуу? Онтон холуубу?
4. Хамсаныылаах тохтобул уонна тарбахтары эрчийии
Сарсыарда эрдии-эрдэ (тарбахтарынан «дудочкаҕа» оонньууллар)
Бостуук уол – ту-ру-ру-ру.
Сарсыарда эрдии-эрдэ (эргийии)
Бөтүүкчээн – ку-ка-ре-ку! («кынатынан» сапсыныы)
Бостуук уол – ту-ру-ру-ру.
Сарсыарда эрдии-эрдэ (эргийии)
Бөтүүкчээн – ку-ка-ре-ку! («кынатынан» сапсыныы)
5. Холуубу уруһуйдааһын:
Аны уруһуйбутугар киирэбит. Туохтан саҕалаан уруһуйдуурбутун көрөн олор. Бэрт судургутук уруһуйдуохпут. Ытыспытын биир өҥүнэн кырааскалыыбыт (хол., араҕас) уонна лииспит ортотугар баттаан кэбиһэбит. Ол кэннэ илиибитин үчүгэйдик суунабыт, кураанах гына соттобут. Онуоха диэри уруһуйбут кууруохтаах. Ол кэннэ атахтарын уонна тумсун киистэнэн уруһуйдаан биэриэхпит. Онтон хараҕын ватнай палочканан.
6. Түмүк: Дьэ эрэ бэрт интэриэһинэй холууп буолан таҕыста. Хайдах уруһуйдаатыбытый? (оҕо эппиэтэ). Ытыскын кырааскалаан уруһуйдууру сөбүлээтиҥ дуо? Холууппут мантан инньэ чуҥкуйуо суоҕа, кини саҥа доҕордонно.