среда, 6 мая 2020 г.

Уруһуй

«Бырааһынньыктааҕы салют»

Салют на День России 2019 в Москве - Москва 2020


Сыала: «Кыайыы күнэ» бырааһынньык, салют туһунан билиини чиҥэтии. Салют уруһуйдуурга интэриэһи уһугуннарыы.
Сорукар:  
Үөрэтэр: ватнай палочканан уруһуйдуурга салгыы үөрэтии.
Сайыннарар: оҕо бэйэтэ салгыы толкуйдаан, тупсаран уруһуйдуур (кырааска арааһын туттан, салют уотун лиискэ барытыгар сөп түбэһиннэрэн) дьоҕурун сайыннарыы. 
Иитэр: төрөөбүт дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга, Кыайыыны аҕалбыт дьоммутунан киэн туттарга иитии. 
Ньымалар: иһитиннэрии, оҥорон таһаарыы, толкуйдаан оҥоруу.
Методическай ньымалар:
Көрдөрөн (кэтээн көрүү, көрдөрүк), практическай (эрчиллиилэр, оонньуулар).  
Тыл саппааһа: оҕо тылын «сэрии», «кыайыы», «бырааһынньык», "салют" диэн тылларынан байытыы
Доруобуйаны харыстыыр технология: тарбах гимнастиката, тыынар гимнастика, динамическай тохтобуллар. 
Матырыйааллар уонна тэриллэр:   куукула, кырааска, хараҥа өҥнөөх кумааҕы, ватнай палочка, уулаах ыстакаан, сииктээх салфетка, ойуулар, хаартыскалар, магнитнай дуоска. 
Эрдэтээҕи үлэ: Аҕа дойду сэриитин туһунан видео, мультфильм, хаартыска көрдөрүү, кэпсээһин, хоһоон ааҕыы. 

Дьарык хаамыыта:


Сарсыада эрдэ күммүт ойон таҕыста (ытыстары холбуу тутуу)
Ойууру, тыаны сырдатта. (ытыстары оргууй сэгэтии)
Араас дьикти остуоруйанан (ытыстарынан чааскы курдук оҥоруу)
Тымныы түүнү ириэрдэ, (ытыстарынан төбөнү имэринии)
Оҕолору туруорда. (уһуктан тыыллаҥнааһын)

Иитээччи/төрөппүт куукуланы (бэйэ баҕарарынан ааттыахха сөп) көрдөрөр.
Куукула:        
- Эн бырааһынньыгы сөбүлүүгүн дуо?         /Оҕо эппиэтэ/
- Аҕыйах хонугунан ханнык бырааһынньык буолаары турарый?        /Кыайыы күнэ/
- Хаһан эмэ ол бырааһынньыгы көрбүтүҥ, онно сылдьыбытыҥ дуо?        /Оҕо эппиэтэ/
- Салюту көрбүтүҥ?         /Оҕо эппиэтэ/
- Онтон мин көрө иликпин. Көрүөхпүн наһаа баҕарабын.


Иитээччи/төрөппүт салют ойууларын көрдөрөр.
- Тугуй бу?        /Салют/
- Салют туохха маарынныырый?         /Сибэккигэ/

Эмискэ хабыс-хараҥа халлааҥҥа
Сибэккилэр сандаардылар -
Күөх, кыһыл, араҕас
Сибэкки арааһа таҕыста,
Олус да киэркэйдэ, сырдаата
Уулуссалар, дьиэлэр, суоллар.

С Днем Великой Победы, соратники! | Блог Aenosurhfi | КОНТ
- Салют хайдах өҥнөөх буоларый?        /Кыһыл, күөх, араҕас/
- Салюту хаһан ыталларый?        /Түүн/
- Тоҕо түүн ыталлара буолуо дии саныыгын? /Хараҥаҕа үчүгэйдик көстөр/
- Оннук. Хараҥа халлааҥҥа салют чуолкайдык көстөр.
- Салют хайдах быһыылаах буолааччыный?        /көнө сурааһын, туочука, төгүрүк/
Иитээччи/төрөппүт:
        
        - Бүгүн биһиги ватнай палочканан уруһуйдуохпут. Эрдэ эмиэ уруһуйдуу сылдьыбыппыт дии. Киистэ курдук тутан кырааскаҕа угабыт. Бу курдук (көрдөрүү)

- Кырасыабай салют буолла дуу?         /Оҕо эппиэтэ/
- Эйиэнэ эмиэ кыраһыабай буолуоҕа.
- Бастаан тугу уруһуйдуубутуй?         /Сурааһын/
- Сөмүйэҥ ватнай палочка эбит. Көрдөр эрэ, хайдах сурааһын оҥороргун. Уҥа-хаҥас, үөһэ-аллара тутан уруһуйдуубут. Маладьыас!
- Сурааһын кэннэ тугу оҥоробут?        /Уоттары/
- Уоттары туох тула оҥороҕун? /Сурааһын/
- Салгыҥҥа уруһуйдаан көрдөр эрэ.

Хамсаныылаах тохтобул.
- Уруһуйдуох иннинэ бэйэбит салют буолуохпут.
- Төгүрүччү турабыт.
«Салют» О. Высоцкая.
Бастаан уу-чуумпу этэ,
Онтон эмискэ — салют! Салют!
Ракеталар хайа сүүрдүлэр
Ол онно, бу манна!

Болуоссат үрдүнэн,
Дьиэлэр үрдүлэринэн
Киэргэммит куораппытыгар
Уот фонтанныы тыкта!

Уулуссаҕа, уулуссаҕа
«Ур-ра!» диэн хаһыы иһиллэр,
Бырааһынньык салютун
Астына көрдүлэр.

Көнөтүк илиини түһэрэн туруллар
Илиини өрө көтөҕөн уҥа-хаҥас далбаатаныы 


Олоруу 
Туруу, илиини өрө көтөҕүү
Миэстэҕэ туран сүүрүү
илиини өрө уунан уҥа-хаҥас далбаатаныы.
- Маладьыас! Билигин олорон эрэ салюппутун уруһуйдуубут. Уруһуйдаан бүттэххинэ салюккун көстөр сиргэ хартыына курдук ыйыахпыт, дьиэбитин киэргэтиэхпит.
Оҕо уруһуйдуур кэмигэр иитээччи/төрөппүт (куукулалыын) хонтуруоллуур, көрөн-истэн, сүбэлээн, көннөрөн биэрэр.
Иитээччи/төрөппүт:
- Тугу уруһуйдаатыҥ?         /Салют/
- Салютун хайдах дьүһүннэх буолан таҕыста?        /Оҕо эппиэтэ/
- Салют уруһуйдаабыккын сөбүлээтиҥ дуо?        /Оҕо эппиэтэ/
Куукула.

- Мин эн уруһуйгун наһаа сөбүлээтим. Олус үчүгэй салют буолбут. Маладьыас, ...! Дьиҥнээхтик бырааһынньыкка сылдьыбыт курдук сананным. Баһыыба. 

Рисуем праздничный салют (нетрадиционная техника рисования ...

Комментариев нет:

Отправить комментарий