Сыала: тарбаҕынан эбэтэр баата палочканан сибэкки уруһуйдуурга үөрэтии. Сибэкки өҥүн-дьүһүнүн чиҥэтии (от күөх уонна араҕас). Айылҕаны харыстыы үөрэнэргэ, кэрэттэн үөрэргэ иитии-такайыы.
Туттуллар матырыйаал уонна тэрил: ньээм-ньээм сибэкки ойуута, ыҥырыа, альбом лииһэ, от күөх уонна араҕас кырааска, сииктээх салфетка.
Эрдэтээҕи үлэ: хонууга үүммүт ньээм-ньээм сибэккилэри көрдөрүү.
Иитээччи/төрөппүт: Оҕолоор, биһиэхэ саас кэлэн кыһын утуйбут от-мас тыллар, көҕөрөр кэмэ тиийэн кэлэн турар. Аан бастаан ньургуһун сибэкки тоҥ буору тобулан үүнэн тахсан дойдубутун киэргэтэр. Дьэ ол кэннэ сир хараарбытын, ирбитин кэннэ араас эгэлгэ сибэкки үүнэр. Олортон биирдэстэрэ ньээм-ньээм сибэкки буолар (ойууну көрдөрүү). Бу баар. Кини күн курдук араҕас, төгүрүк быһыылаах.
Иитээччи/төрөппүт: Болҕойон көрдөххө, кини туохтаах эбитий? Сэбирдэхтээх, умнастаах, сибэккилээх. Оҕолоор, истэҕит дуо, туох эрэ тыаһыыр. Туох эбитэ буолла? Наһаа муодунай таҥастаах, эриэн араҕас былааччыйалаах, кынаттаах! Кыра да буоллар, тиктэҕинэ олус ыарыылаах!
Оҕо: Ыҥырыа.
Иитээччи/төрөппүт: Үтүө күнүнэн, ыҥырыа! Ким диэн ааттааххыный?
Ыҥырыа: Дорооболоруҥ. Маайа диэммин. Мин халлаан сылыйан, сибэккилэр тахсан эрдэ уһугуннум уонна бу эһиэхэ көтөн кэллим. Ньээм-ньээм оту көрүөхпүн олус баҕарабын. Киниттэн нектар хомуйуохтаахпын.
Иитээччи/төрөппүт: Биһиги Маайаҕа көмөлөһүөхпүтүн сөп ээ. Ньээм-ньээм сибэкки уруһуйдаан. Оччотугар уруһуйдуур тэрилбитин ылыах. Мин эйиэхэ бу бэлэмнээбитим. Маны от күөх уонна араҕас өҥүнэн палочканан табыгыратан кырааскалыахпыт. Бу курдук (көрдөрөн биэрии).
Оҕо уруһуйдуур кэмигэр ыҥырыаны хамсатан көрүү-истии, сүбэлээһин, хайҕааһын.
Иитээччи/төрөппүт: Олус да табыллыбыт, дьэрэкээн сибэкки буолан таҕыста. Маладьыас! Билигин Маайа манна олорон нектар хомуйуо.
Маайа: Махтал, ...! (сибэккигэ олорон нектар иһэрин курдук көрдөрүү). Олус да минньигэс сок истим. Өссө төгүл баһыыба! Дьэ билигин тотоммун, баҕалаах сокпун иһэммин дьиэ оҥосто бардым. Көрсүөххэ диэри!
Оҕо: Көрсүөххэ диэри!
Комментариев нет:
Отправить комментарий