Тиэмэтэ - "Сибэккилээх ваза"
Өҥнөөх кумааҕынан сибэккилээх ваза оҥоруу
Соруктар:1. Бэлэм кырыллыбыт кумааҕылары (шаблоннары) килиэйдээһин.
2. Оҕо лиискэ сөптөөхтүк сыһыарарын ситиһии.
3. Килиэйинэн сөпкө туттарга, үчүгэйдик сыһыарарга үөрэтии.
4. Чэнчистик, ыраастык үлэлииргэ, туттарга үөрэтии.
Сыһыарарга туттуллар тэриллэр:
Өҥнөөх кумааҕы
Кыптыый
Килиэй
Харандаас
Альбом лииһэЛиниэйкэ
Шаблон
Шаблон
Сыһыарыы хаамыыта
2. От күөх кумааҕынан сэбирдэхтэри оҥорон бэлэмниир.
3. Сибэкки трафаретын оҥорон кыһыл сибэккилэри кырыйыллар.
4. Салгыы оранжевай дьүһүннээх сибэккилэри оҥоробут.
5. Аны халлаан күөх сибэккилэри быһабыт.
Бу курдук сибэккилэр буолан тахсаллар.
6.Төрөппүт/иитээччи ваза трафаретынан кугас кумааҕыттан (атын да өҥ буолуон сөп) ваза кырыйар.
7. Оҕо вазаны ылан кумааҕыга килиэйдиир.
8. Салгыы сибэккилэри уонна сэбирдэхтэри бэйэтэ талан сыһыартыыр (хол., бу курдук)
9. Төрөппүт/иитээччи оҕо сыһыарар кэмигэр көрөн, көмөлөһөн биэрэр..
10. Оҕо улахан киһи көмөтүнэн кырыллыбыт сибэккилэри, сэбирдэхтэри барытын сыһыарар.
11. Сибэкки ортотугар араас өҥнөөх төгүрүктэри сыһыаран биэриэххэ сөп.
Бу маннык дьэрэкээн сибэккилэрдээх ваза буолан таҕыста! Хартыынаны дьиэҕит көстөр сиригэр ыйаан истиэнэҕитин киэргэтиҥ. Оҕо оҥорбут хартыынатыттан үөрэрин, дуоһуйарын ситиһиҥ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий