вторник, 5 мая 2020 г.

Ахсаан

«Кырачаан чыычаахтар» 

птички на ветке рисунок: 13 тыс изображений найдено в Яндекс ...

Сыала: оонньуу көмөтүнэн биридимиэт ахсаанын, кээмэйин араара үөрэтии, ылбыт билиини чиҥэтии.
Соруктар:
Үөрэтэрэлбэх, биир, биир да суох диэн өйдөбүллэри чиҥэтии, тэҥэ суох бөлөхтөрү тэҥнииргэ үөрэтии, элбэх - аҕыйах, тэҥ диэн тыллары туттуу. Төгүрүк, түөрт муннук, үс муннук өйдөбүллэрин дириҥник өйдөтүү.
Сайыннарар — биридимиэттэр паараларын кээмэйинэн наардыыр үөрүйэхтэрин сайыннарыы, өйгө тутар дьоҕуру, болҕомтону, толкуйу, эйгэ иһигэр сылдьыыны сайыннарыы (ориентировка в пространстве).  
Иитэр — ахсаан оонньуутунан үөрүүлээх эйгэни олохтооһун, бииргэ алтыһар оҕолоругар үтүө сыһыаннаах буолууну иитии. 
Матырыйаала: магнитнай дуоскаҕа аналлаах фигуралар: чыычаахтар (1 улахан уонна хас да кыра), 2 уйа (улахан уонна кыра), магниттар — «туораахтар». Д/оонньуу «Түннүктэри сап»: дьиэлэр уонна геометрическай фигуралар (төгүрүк, түөрт уонна үс муннуктар) кыһыл, араҕас, халлаан уонна от күөҕэ өҥнөөх. Түөскэ иилиллэр бэлиэлэр «Куоска» уонна «Массыына». Графическай эрчиллии карточкалара уонна өҥнөөх харандаас.
Дьарык хаамыыта:
1. Сонурҕатар, турукка киллэрэр түгэн.
— Оонньуоххун баҕараҕын дуо?
2. «Биир - элбэх» оонньуу.
— Көр эрэ, мин оонньууга тугу бэлэмнээбиппин (иитээччи/төрөппүт чыычаахтар фигураларын көрдөрөр). Тугуй бу? Хас чыычаах баарый? Кинилэри кытары оонньуоххун баҕараҕын дуо? (оҕо ахсаанынан чыычааҕы түҥэтэр). Эн хас чыычаахтаннын? Онтон мин? Бэйэбэр эмиэ чыычаах ылыам (иитээччи/төрөпүт улахан чыычааҕы ылар). Чыычаахтар тугу сатыылларый? (оҕо эппиэтэ)
Көрдөр эрэ хайдах көтөрүн (илиинэн сапсыныы). Көттүбүт!
3. Оонньуу «Элбэх, аҕыйах, тэҥ»
Магнитнай дуоскаҕа кэлэн сытыары оҥоһуллубут суоллары көрүү.
— Чыычаахтар көтөн кэлэн суолга олорбуттар. Бу курдук! (иитээччи/төрөппүт улахан чыычааҕын бастакы суолга олордор). Эн эмиэ чыычаахтаргын олордуталаа (биир эрээккэ олордор). Хас чыычаах суолга олорбутуй? Кинилэр бары тэҥнэр дуо кээмэйдэринэн? Хас улахан чыычаах баарый? Онтон хаһа кыраный? Өссө төгүл хатылаа эрэ, хас кыра уонна улахан баарый?
Чыычаахтар көтөн кэлэн суолга олордулар,
Суолга олорон аһыахтарын баҕардылар!
— Чыычаахтары тугунан аһатыахпытын сөбүй? (оҕо эппиэтэ). Бу араҕас магниттар туораахтар буоллуннар, олорунан биһиги кынаттаах доҕотторбутун күндүлүөхпүт. Мин бэйэм туораахпын бастакы чыычаахха биэриэм (иитээччи/төрөппүт магниты чыычаах анныгар сыһыарар). Билигин эн аһат. (биир эрэ чыычаахха тиийбэт курдук ууруллуохтаах) Оо, бу биир чыычаахха туораах тиийбэтэ! Хас чыычаах баарый? Онтон туораахпыт? Тэҥ дуу, суох дуу? Туох элбэҕий: чыычаах дуу, туораах дуу? Хайдах тэҥниибитий?
2 көрүҥүнэн тэҥнээһини үөрэтии: биир туорааҕы эбэн биэрэбит эбэтэр биир чыычааҕы көҕүрэтэбит. 
Чыычаахтарбытын барыларын аһаттыбыт дуо? (оннук!)
Баҕар, биир эмэ чыычааҕы аһаппатахпыт буолаарай? (суох!)
Аны билигин түргэнник кэлэ оҕус!
Биһигини саҥа оонньуу күүтэр!
4. Оонньуу «Дьиэ түннүктэрин сабыахха»
Фотообои Домики для птичек купить на стену • Эко Обои Презентация по математике на тему "Геометрические фигуры"
Остуолга кэлэн олоробут. Онно араас кумааҕы дьиэлэр сыталлар. Оҕоҕо геометрическай фигуралары түҥэтиллэр (3-6 уст.). Оонньуу быраабылатын этэн баран, түннүк өҥүн уонна быһыытын тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Ол кэннэ этэр:
Чыычаахтар дьиэҕэ олороллор,
Түннүгүнэн өҥөлдьүһэллэр.
Онтон эмискэ тыал үрбүт! (үрүү) 
Көмөлөһүҥ! Түннүктэри саба охсуҥ!
Геометрическай фигураларынан дьиэ түннүктэрин сөпкө сабыы (хол., төгүрүк ааны төгүрүгүнэн о.д.а.).
5. Хамсаныылаах оонньуу.
Обои кошка, детская, птичка, арт картинки на рабочий стол, раздел ...  Птички Angry Birds выбрали себе модели Citroеn - Новости - TCH.ua
— Аны билигин бэйэбит чыычаах буолуохпут. Чыычаах барахсан суолга олорор кэмигэр кимтэн, туохтан куттанара буолуой?
Оҕо эппиэтиттэн көрөн иитээччи/төрөппүт маннык оонньуулары оонньотуон сөп «Чыычаахтар уонна куоска» эбэтэр «Чыычаахтар уонна массыына».
6. Графическай эрчиллии.
Подборка игр и упражнений на тему «Птицы» | Птицы, Аппликация ...
— Эн олус бэркэ куотаҕын уйаҕар куоскаттан (массыынаттан). Онтон мин икки чыычааҕы билэбин, кинилэр сатаан куоппаттар. Көмөлөһөбүт дуо кинилэргэ?
Иитээччи/төрөппүт дуоскаҕа икки чыычааҕы (кыра уонна улахан) ыйыыр.
— Бу маннык чыычаахтар! Кинилэр кээмэйдэринэн тэҥнэр дуу? Улахан чыычаах үөһэ олорор дуу, аллара дуу? Онтон кыра?
Иитээччи/төрөппүт чыычаахтар утары дьиэлэри уурар.
— Бу уйалара! Тэҥнэр дуо? Кыра уйа үөһэ дуу, аллара дуу? Онтон улахан? Чыычаахтар ханнык уйаҕа киирэллэрин билбэттэр быһыылаах дии? Улахан чыычаах кыра дьиэҕэ киириэн сөп дуу? Тоҕо? Сөп, онон биһиги киниэхэ бэйэтин дьиэтин көрдөрүөххэ эрэ. Кыра чыычаах киэнэ ханныгый?
Иитээччи/төрөппүт маркерынан сурааһын тардан чыычаахтары сөптөөх дьиэлэрин буллартыыр. Ол кэннэ оҕоҕо бэйэтигэр итинник сорудахтаныллар. Оҕо бэлэмнэммит карточкаҕа толорор.
7. Дьарык түмүгэ.
— Хайа, бүгүҥҥү оонньуулары сөбүлээтиҥ дуо? Ханнык оонньууну ордук сөбүлээтиҥ? Тоҕо? Мин эмиэ сөбүлээтим эйигинниин оонньуурбун. Бүгүн бэркэ эппиэттээтиҥ, чыычаахтарга көмөлөстүҥ. Маладьыас. Өссө оонньуохпут дии маннык курдук?

Комментариев нет:

Отправить комментарий