ХАТЫЛААҺЫН
Сыала - сыллааҕы барбыт тиэмэлэри хатылааһын, чиҥэтии.
1 сорудах. Төгүрүгү кыһыл, үс муннугу от күөх уонна түөрт муннугу араҕас өҥнөрүнэн кырааскалаа. Ахсааннарын тылгынан эт.
2 сорудах. Элбэх сибэккилээх вазаны харандааһынан (тарбаххынан) төгүрүтэн бэлиэтээ.
3 сорудах. Хартыыналары болҕойон көр. Туох соҕотоҕун (биирин), туох элбэҕин толкуйдаан эт. Ахсааннарын аах.
4 сорудах. Тиийбэт геометрическэй фигураны бул.
5 сорудах. Хартыыналары көр. Бастаан туох буоларый, ол кэннэ? Сарсыарда уонна күнүс, киэһэ уонна түүн туох буоларый? Эн хаһан тураҕыный, суунаҕыный, аһыыгыный, онтон хаһан утуйаҕыный?
6 сорудах. Баспытаатал тугу тутан олороруй? Кини иннигэр хас оҕо олороруй? Кэннигэр туох турарый? Истиэнэҕэ туох ыйаммытый? Хас оҕо оонньуу сылдьарый? Тугунан? Уол туох үөһэ турарый? Кыыс хас кубигы сааһылаан уурбутуй? Өссө туох оонньуурдар баалларый? Хас мээчик баарый? Хайдах дьүһүннээхтэрий? Баспытаатал, оҕолор туохха олороллоруй?
Комментариев нет:
Отправить комментарий