среда, 20 мая 2020 г.

Уруһуй



Чарапаахы


      Оҕолоор, өйдүүгүт дуу, биһиэхэ кыра чарапаахы кэлбитэ дии уһуйааммытыгар. Кинини таптаан Микеланджело диэбиппит. 
        Билигин уһуйааммыт сабыллан ол чарапаахыбыт оҕото эмиэ эһиги курдук дьиэҕэ олорор. Кини эһигини олус ахтар, уһуйааҥҥа барыан баҕарар. Микеланджелобыт этэҥҥэ улаатар, бу курдук дьиэтин үрдүгэр тахсан лаампа уотугар сөбүлээн сыламныыр, тулатын эргиччи көрөн үөрэтэр (хаартысканы көрдөрүү).
     Кини чуҥкуйбатын туһугар Микеланджелоны уруһуйдаан ыыттаххына, сэргэхсийиэ, үөрүө да этэ. Уруһуйгун хаартыскаҕа түһэрэн ыытаргын олуһун күүтэ хаалар... Ситиһиилэри!



Эйиэхэ көмө буоллун диэн уруһуй макетын ыытабыт. Манан сирдэтэн уруһуйдуоххун сөп.


Черепаха нарисовать – Рисование карандашом для начинающих - рисуем ...

М А Л А Д Ь Ы А С ! 

Комментариев нет:

Отправить комментарий