Дьарыкка бэлэмнэнии
- К дорҕоонноох тыллары этиттэрии.
- "Ханна тыаһыыр. Таай". Чуораан оннугар атын да биридимиэти тыаһатыаха сөп.
- Ат туйаҕын тыаһын үтүктүү (тылынан таҥалайы таһырҕатыы).
- Маляр (тыл төбөтүнэн таҥалайы кырааскалыыр курдук төптөрү-таары сотор).
- Хормуоска (айах аһаҕас, уос мичээрдиир. Кэтит тыл таҥалайга сыстар, айах аһылла-аһылла сабыллар).
Дьарык хаамыыта
1. - Оҕолор, бүгүн биһиги эмиэ айанныы барабыт, таайыҥ эрэ тугунан барарбыт буолуой?
"Чук-чук-чук" - тыанан, ойуурунан түргэнник айанныыр (поезд)
Бары айанныаҕыҥ "чук-чук-чук" (төгүрүччү хаамаллар).
2. - Айаннаан кэллибит ойуурга. Ойуур олохтоохторо поезд тыаһыттан куттанан бары мас кэннигэр саспыттар. Эһиги ыҥырдаххытына эрэ тахсыахтара
Кэрии тыаҕа кэҕэ көтөр.
Кукууктура иһиллэр
Кэҕэ хайдах саҥарарый, үтүктүҥ. Кэҕэ саспыт эбит.
Ойуолууру эрэ сатыыбын,
Ончу сатаан хаампаппын,
Куруҥ тыаҕа дьиэлээхпин,
Куттаһа суох куобахпын.
Ким саспыт эбитий? Куобах туһунан хоһоону аахтыбыт.
Туораах бурдугу уорааччы,
Туой дьонтон куотааччы,
Туора-маары ойуолааччы,
Топпокко сылдьааччы.
И. Эртюков
Моҕотой саспыт. Хоһоону өссө ааҕыаҕыҥ.
3. Хамсаныылаах тохтобул.
Куобах
Куттас куобах барахсан
Кыра тыастан соһуйан.
Онно-манна ойуолуур,
Оту-маһы одуулуур.
Чэри-чэрэгэр кулгааҕынан
Чэрэйэн олорон иһиллиир,
Куруҥ тыаҕа тахсан,
Кыыралдьыйа сүүрэлиир.
И. Мигалкин
(Хоһоон ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн хамсаналлар, куобах буолан төгүрүччү ойоллор).
4. - Эмискэ ардах түстэ, "кап-кап-кап", бары поезпытыгар куотуоҕуҥ. Ардах тыаһыҥ үтүктүҥ.
5. Салгыы айаннаан эбээҕэ кэллибит. Олбуорга кимнээх олороллоруй?
"Д ь и к т и м ө һ ө ө ч ч ү к т э н" (куоска, куурусса, бөтүүк) оонньуурдары хостоон таһаарыҥ.
6. - Эбээ олбуорга тахсыбыт. Кууруссатын ыҥырбыт: "Куть-куть... куутьа-куутьа". Куруппа биэрбит. Куурусса оҕолорун ыҥырбыт: "Ко-ко-ко... ко-ко-ко..." Бөтүүк олбуорга ыстанан тахсан хаһыытаабыт: "Ку-ко-ки-куук" ("Ку-ко-ре-куук").
7. Көрүҥ эрэ, ыал куоската олбуорга үөмэн киирэн иһэр, куурусса оҕолорун сиэри. Куһаҕан куосканы үүрүөҕүҥ "Кыш-кыш.., кыш-кыш..."
8. "Чук-чук-чук" - төптөрү олорон дьиэбитигэр айанныаҕыҥ.
Комментариев нет:
Отправить комментарий