четверг, 21 мая 2020 г.

Мэһийии

«Чарапаахы»

Сыала: чарапаахы туһунан өйдөбүлү кэҥэтии уонна чиҥэтии, пластилинынан мэһийэр үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы уонна чочуйуу.
Соруктар
- оҕолору пластилины төгүрүтэн, лэппэтэн төгүрүк уонна ньолбуһах фигуралары оҥорорго үөрэтии;
- чарапаахы туһунан ылбыт билиилэрин кэҥэтии (уратытын, аһылыгын о.д.а. туһунан кэпсээһин);
- тылы, толкуйдуур, айар-тутар дьоҕурдары сайыннарыы, тарбахчааннары эрчийии.
- тыынар тыыннааҕы таптыырга, харыстыырга иитии, бэйэ оҥоһугуттан үөрэргэ, дуоһуйарга көҕүлээһин. 
Туттар тэрил уонна матырыйаал: тыыннаах чарапаахы, чарапаахы оонньуурдар, ойуулар, пластилин, быһах, дуоска,  сииктээх салфетка. 
Эрдэтээҕи үлэ:
Чарапаахыны бэйэтин, ойуулары, хартыыналары көрүү-истии, уус-уран айымньыны ааҕыы, «Как львенок и черепаха пели песню» диэн мультфильмы көрдөрүү.

Дьарык хаамыыта
I. Киириитэ. Турукка киллэрии.
Иитээччи: Оҕолор, бүгүн биһиэхэ олус интэриэһинэй ыалдьыт кэллэ. Кини туһунан маннык таабырынна таайыҥ эрэ, оччоҕо билиэххит:
Кини аргыый наллаан сылдьар,
Ханна да ыксаабаттыы хаамар,
Арай өстөөҕүттэн хаххаланар
Куйах кэтэр эбит .... (чарапаахы).
Оҕолор: Чарапаахы.
Иитээччи: Саамай сөп. Маладьыастар.
II. Сүрүн чааһа
Иитээччи: Оҕолор, бу чарапаахыбыт сылдьар. Эһигини көрөр. Өйдөөн көрүҥ эрэ кини хайдаҕын?
Оҕолор: Төбөлөөх, атахтаах, кутуруктаах, панцирдаах (куйах).
Иитээччи: Онтон төбөтө, панцира хайдах быһыылаахтарый?
Дети: Ньолбуһах.
Иитээччи: Наһаа да маладьыастаргыт. Барытын олус үчүгэйдик билэҕит. Өйдөөн көрүҥ эрэ, чарапаахыбыт иһэ уонна көхсө бүтүннүү панцирынан (куйаҕынан) бүрүллүбүт. Онтуката иннинэн-кэннинэн хайаҕастаах. Онон төбөтө, атаҕа, кутуруга тахсар. Оҕолоор, баҕар, эһигиттэн өссө ким эмэ чараапахы туһунан кэпсиэн баҕарара буолаарай? (оҕолор кэпсээннэрэ)
Иитээччи: Маладьыас. Онтон ким билэрий кини тоҕо панцирга саһарый?
Оҕолор: Көмүскэнээри эбэтэр утуйаары.
Иитээччи: Саамай сөп. 
Иитээччи: Көрүҥ эрэ, оҕолоор, чарапаахыбыт панцира олус кэрэ ойуулаах. Ол эрэн кини олус чуҥкуйар, соҕотохсуйар. Эһигинниин оонньуон баҕарар. Кини аттыгар бэйэтин курдук доҕоттордооҕо буоллар наһаа да үөрүө этэ. 
Иитээччи: Оҕолоор, чарапаахыбытыгар көмөлөһөбүт дуо?
Оҕолор: Көмөлөһөн.
Иитээччи: Пластилинныахпыт иннигэр тарбахчааннарбытын эрчийиэхпит. 
Тарбах эрчийиитэ.
Чарапаахы
       Чарапаахы, чарапаахы
Панцирга олорор,
 Төбөтүн быктарар,
      Онтон төптөрү саһар.
1-2 строкаларга икки илиини сутуруктуу тутан баран остуолга кыратык тоҥсуйуу, 3-кэ икки сөмүйэни таһаарыы, 4-кэ - төптүрү сутуруктуу туттууу.
Иитээччи: Ким этиэй чарапаахыбытыгар хайдах көмөлөрбүтүн?
Оҕолор: Пластилинынан кини доҕотторун оҥоруохпут.
Иитээччи: Маладьыас. Билигин от күөх дьүһүннээх пластилиммытыттан кыратык быһан ылан ытыспытыгар эбэтэр дуоскаҕа төгүрүтэн 2 төгүрүк оҥоруохпут. Биирэ иһэ, иккиһэ панцира буолуоҕа. Ол кэннэ иккис төгүрүкпүтүн икки ытыспытынан лэппэтэн биэриэхпит. Лэппиэскэ курдук панцирын оҥордубут. Уонна иһин кытары холбоон биэрэбит. Быһахпытынан ойуутун маннык түһэрэбит. Аны төбөтүн, атахтарын уонна кутургун оҥоробут. Бу курдук (көрдөрүү, быһаарыы). 
Оҕолор бэйэлэрин дьарыктаныылара
III. Түмүк.
Иитээччи: Дьэ бу курдук олус үчүгэйкээн чарапаахылар буолан таҕыстылар.
Иитээччи: Панцирын хайдах оҥордубутуй?
Оҕолор эппиэттэрэ.
Иитээччи: Ол кэннэ?
Оҕолор эппиэттэрэ.
Чарапаахы: Баһыыбаларыҥ, оҕолоор. Эһиги бүгүн миигин олус үөртүгүт. Настарыанньам биллэрдик тубуста. Аны билигин аквариуммар тиийэммин лаампа уотугар сыламныам, саҥа доҕотторбунуун оонньуом. Көрсүөххэ диэри. 
Иитээччи: Көрсүөххэ диэри, оҕолоор. 

Черепаха из пластилина: 5 способов как слепить черепаху своими ...

Комментариев нет:

Отправить комментарий