четверг, 28 мая 2020 г.

Сыһыарыы


Тиэмэтэ "Сибэккилээх хонуу"


Сыала-соруга:

- сыһыарар үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы;
- дьыл кэмин (сайын) туһунан билиини кэҥэтии;
- айылҕаны таптыырга, харыстыырга, кэрэттэн үөрэргэ иитии-такайыы.

Туттуллар тэрил: өҥнөөх кумааҕы, хортуон, килиэй-харандаас, кыптыый, сииктээх салфетка.

Эрдэтээҕи үлэ: сайын туһунан бэсиэдэ, хартыыналар, ойуулар.


Дьарык ссылката:

https://drive.google.com/file/d/1LulL4Xe1FUFkpsXPGnOefuvhjPFqQs05/view?usp=drivesdk

среда, 27 мая 2020 г.

Уруһуй

Тиэмэтэ "Сайын"

Сыала-соруга: 
- уруһуйдуур, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы;
- дьыл кэмин кытары билиһиннэрии;
- айылҕаны таптыырга, харыстыырга, кэрэттэн үөрэргэ иитии-такайыы.

Дьарык ссылката:

понедельник, 25 мая 2020 г.

Тыл сайдыыта



Мнемотехника ньыматынан оҕолорго хоһоон үөрэтии


ПАСПОРТ
авторской игры
  
1.        ФИО     Сидорова Алена Антоновна
2.     Название «Ойуулаах хоһооннор»
3.      Год изготовления 2019 г.
4.      Материал бумажная папка с альбомными картинками
5.      Цель создания для индивидуального занятия с детьми по развитию речи, кругозора и мышления.
6.      Целевая аудитория Игра предназначена для детей дошкольного возраста 3 – 5 лет.
7.      Описание. Правила педагог (воспитатель) читает стихи, после ребенок с помощью картинки рассказывает то, что запомнил.

Видео дьарык ссылката:


воскресенье, 24 мая 2020 г.

Тулалыыр эйгэ

Лэпбук "Идэлэр" 

        Паспорт авторской игры
1.    ФИО  Сидорова Алена Антоновна
2.    Название многофункциональный лэпбук «Идэлэр»
3.    Год изготовления 2020 г.
4.    Материал картонная коробка с предметами
5.    Цель создания для группового и индивидуального занятия с детьми по развитию речи, кругозора и мышления.
6.    Целевая аудитория Игра предназначена для детей дошкольного возраста 3 – 7 лет.
7.    Описание. Правила. Данный лэпбук предназначен для детей дошкольного возраста и является развивающим средством обучения. Пособие лэпбук «Идэлэр» может быть использовано для организации совместной работы педагога и детей, а так же для самостоятельной и индивидуальной деятельности ребёнка. Тема лэпбука позволяет оформить его во время тематической недели «Профессии». Содержание лэпбука можно пополнять и усложнять. В старшем дошкольном возрасте дети уже могут вместе со взрослыми участвовать в сборе материала: анализировать, сортировать информацию, участвовать в оформлении игр. Данный лэпбук может быть использован педагогами ДО, учителями – логопедами.


Игры-занятия

1. Кармашек «Найди пару» - карточки с изображением представителями профессии. Играют 1-2 ребенка или взрослый с ребенком. Закрывается поле карточками одинаковой профессии.
2. Кармашки «Бу кимий? (Кто это?)» - карточки: вопросы в стишках, картинки (по 15 штук). Педагог с помощью стишков загадок задает вопросы, если дети дают правильный ответ, то вынимается карточка с представителем профессии. Игра продолжается в течение от 2 до 10 минут.
3. Пирамида «Профессии» - текстильные кубики с изображением представителями профессии. В эту игру можно играть коллективно или индивидуально. Строят пирамиду угадывая атрибуты по профессиям.
4. Карточки-пазлы «Профессии». Составляют логические пары «профессии - предмет», связанной с этой профессией. Игра предназначена детям от 3 лет.
5. Раскраска «Профессии» для самостоятельной деятельности детей. Дети раскрашивают картинки цветными карандашами или фломастером.
6. Для совместной деятельности ребенка и взрослого предусмотрен материал: игра «Угадай, кто я?». Взрослый или ребенок одевает ободок с картинкой изображением представителя профессии и задавая вопрос должен угадывать «кем он является». Во время игры картинки меняются, игроки тоже.

Видео дьарык ссылката:

https://drive.google.com/file/d/1KSaVcSNaIAV4Fd5iIuBAP-DGVU9T9cRx/view?usp=drivesdk


четверг, 21 мая 2020 г.

Мэһийии

«Чарапаахы»

Сыала: чарапаахы туһунан өйдөбүлү кэҥэтии уонна чиҥэтии, пластилинынан мэһийэр үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы уонна чочуйуу.
Соруктар
- оҕолору пластилины төгүрүтэн, лэппэтэн төгүрүк уонна ньолбуһах фигуралары оҥорорго үөрэтии;
- чарапаахы туһунан ылбыт билиилэрин кэҥэтии (уратытын, аһылыгын о.д.а. туһунан кэпсээһин);
- тылы, толкуйдуур, айар-тутар дьоҕурдары сайыннарыы, тарбахчааннары эрчийии.
- тыынар тыыннааҕы таптыырга, харыстыырга иитии, бэйэ оҥоһугуттан үөрэргэ, дуоһуйарга көҕүлээһин. 
Туттар тэрил уонна матырыйаал: тыыннаах чарапаахы, чарапаахы оонньуурдар, ойуулар, пластилин, быһах, дуоска,  сииктээх салфетка. 
Эрдэтээҕи үлэ:
Чарапаахыны бэйэтин, ойуулары, хартыыналары көрүү-истии, уус-уран айымньыны ааҕыы, «Как львенок и черепаха пели песню» диэн мультфильмы көрдөрүү.

Дьарык хаамыыта
I. Киириитэ. Турукка киллэрии.
Иитээччи: Оҕолор, бүгүн биһиэхэ олус интэриэһинэй ыалдьыт кэллэ. Кини туһунан маннык таабырынна таайыҥ эрэ, оччоҕо билиэххит:
Кини аргыый наллаан сылдьар,
Ханна да ыксаабаттыы хаамар,
Арай өстөөҕүттэн хаххаланар
Куйах кэтэр эбит .... (чарапаахы).
Оҕолор: Чарапаахы.
Иитээччи: Саамай сөп. Маладьыастар.
II. Сүрүн чааһа
Иитээччи: Оҕолор, бу чарапаахыбыт сылдьар. Эһигини көрөр. Өйдөөн көрүҥ эрэ кини хайдаҕын?
Оҕолор: Төбөлөөх, атахтаах, кутуруктаах, панцирдаах (куйах).
Иитээччи: Онтон төбөтө, панцира хайдах быһыылаахтарый?
Дети: Ньолбуһах.
Иитээччи: Наһаа да маладьыастаргыт. Барытын олус үчүгэйдик билэҕит. Өйдөөн көрүҥ эрэ, чарапаахыбыт иһэ уонна көхсө бүтүннүү панцирынан (куйаҕынан) бүрүллүбүт. Онтуката иннинэн-кэннинэн хайаҕастаах. Онон төбөтө, атаҕа, кутуруга тахсар. Оҕолоор, баҕар, эһигиттэн өссө ким эмэ чараапахы туһунан кэпсиэн баҕарара буолаарай? (оҕолор кэпсээннэрэ)
Иитээччи: Маладьыас. Онтон ким билэрий кини тоҕо панцирга саһарый?
Оҕолор: Көмүскэнээри эбэтэр утуйаары.
Иитээччи: Саамай сөп. 
Иитээччи: Көрүҥ эрэ, оҕолоор, чарапаахыбыт панцира олус кэрэ ойуулаах. Ол эрэн кини олус чуҥкуйар, соҕотохсуйар. Эһигинниин оонньуон баҕарар. Кини аттыгар бэйэтин курдук доҕоттордооҕо буоллар наһаа да үөрүө этэ. 
Иитээччи: Оҕолоор, чарапаахыбытыгар көмөлөһөбүт дуо?
Оҕолор: Көмөлөһөн.
Иитээччи: Пластилинныахпыт иннигэр тарбахчааннарбытын эрчийиэхпит. 
Тарбах эрчийиитэ.
Чарапаахы
       Чарапаахы, чарапаахы
Панцирга олорор,
 Төбөтүн быктарар,
      Онтон төптөрү саһар.
1-2 строкаларга икки илиини сутуруктуу тутан баран остуолга кыратык тоҥсуйуу, 3-кэ икки сөмүйэни таһаарыы, 4-кэ - төптүрү сутуруктуу туттууу.
Иитээччи: Ким этиэй чарапаахыбытыгар хайдах көмөлөрбүтүн?
Оҕолор: Пластилинынан кини доҕотторун оҥоруохпут.
Иитээччи: Маладьыас. Билигин от күөх дьүһүннээх пластилиммытыттан кыратык быһан ылан ытыспытыгар эбэтэр дуоскаҕа төгүрүтэн 2 төгүрүк оҥоруохпут. Биирэ иһэ, иккиһэ панцира буолуоҕа. Ол кэннэ иккис төгүрүкпүтүн икки ытыспытынан лэппэтэн биэриэхпит. Лэппиэскэ курдук панцирын оҥордубут. Уонна иһин кытары холбоон биэрэбит. Быһахпытынан ойуутун маннык түһэрэбит. Аны төбөтүн, атахтарын уонна кутургун оҥоробут. Бу курдук (көрдөрүү, быһаарыы). 
Оҕолор бэйэлэрин дьарыктаныылара
III. Түмүк.
Иитээччи: Дьэ бу курдук олус үчүгэйкээн чарапаахылар буолан таҕыстылар.
Иитээччи: Панцирын хайдах оҥордубутуй?
Оҕолор эппиэттэрэ.
Иитээччи: Ол кэннэ?
Оҕолор эппиэттэрэ.
Чарапаахы: Баһыыбаларыҥ, оҕолоор. Эһиги бүгүн миигин олус үөртүгүт. Настарыанньам биллэрдик тубуста. Аны билигин аквариуммар тиийэммин лаампа уотугар сыламныам, саҥа доҕотторбунуун оонньуом. Көрсүөххэ диэри. 
Иитээччи: Көрсүөххэ диэри, оҕолоор. 

Черепаха из пластилина: 5 способов как слепить черепаху своими ...

Физкультура

среда, 20 мая 2020 г.

Уруһуй



Чарапаахы


      Оҕолоор, өйдүүгүт дуу, биһиэхэ кыра чарапаахы кэлбитэ дии уһуйааммытыгар. Кинини таптаан Микеланджело диэбиппит. 
        Билигин уһуйааммыт сабыллан ол чарапаахыбыт оҕото эмиэ эһиги курдук дьиэҕэ олорор. Кини эһигини олус ахтар, уһуйааҥҥа барыан баҕарар. Микеланджелобыт этэҥҥэ улаатар, бу курдук дьиэтин үрдүгэр тахсан лаампа уотугар сөбүлээн сыламныыр, тулатын эргиччи көрөн үөрэтэр (хаартысканы көрдөрүү).
     Кини чуҥкуйбатын туһугар Микеланджелоны уруһуйдаан ыыттаххына, сэргэхсийиэ, үөрүө да этэ. Уруһуйгун хаартыскаҕа түһэрэн ыытаргын олуһун күүтэ хаалар... Ситиһиилэри!



Эйиэхэ көмө буоллун диэн уруһуй макетын ыытабыт. Манан сирдэтэн уруһуйдуоххун сөп.


Черепаха нарисовать – Рисование карандашом для начинающих - рисуем ...

М А Л А Д Ь Ы А С ! 

вторник, 19 мая 2020 г.

Ахсаан

Сыыппаралары кырааскалыах!


1 чыыһыланы кыһыл өҥүнэн

Единица контурная. Цифра 1 в контуре. Контурные рисунки цифр ...


2 чыыһыланы халлаан күөҕүнэн

19 карточек в коллекции «Шаблоны цифры 2» пользователя артем э. в ...

3 чыыһыланы араҕас өҥнөө

Шаблон цифры 3 для вырезания из бумаги: скачать и распечатать

4 чыыһыланы от күөх оҥор 

Распечатать контурные цифры. Цифра 4. Арифметика для детей.

5-һи бэйэҥ сөбүлүүр өҥнүнэн

number 5 template | Crafts and Worksheets for Preschool,Toddler ...


М А Л А Д Ь Ы А С !

понедельник, 18 мая 2020 г.

Тыл сайдыыта

"Оҕо көмүскэлин" күнүн көрсө өйтөн үөрэтиигэ хоһооннортон быһа тардыы



Оҕону харыстааҥ!

                                                             Тайман Дьүүгэ

     Бу сиргэ, бу күн анныгар
Кэлэр кэм киэргэлин, 
Дьон-аймах кэскилин
Оҕону харыстааҥ,
Оҕону көмүскээҥ!

                                              
Баар буоллун өрүү күммүт

                                                             Лев Ошанин

     Баар буоллун өрүү күммүт,
      Баар буоллун өрүү халлаан,
 Баар буоллун өрүү ийэм,
Баар буолуум өрүү мин!


Дьоһун киһи

                                                                        Лия Павлова хоһоонноруттан

   Детсад аанын арыйан
            Дьоһун киһи буоллум мин.
Ийэм ааҕы сайыһан
    Ытаабаппын аны мин.


Уһуйаан ырыата

              Көрдөөх-нардаах оҕо-аймах
Биһиктэнэн улаатар
Сайдар-үүнэр уйата
     Уһуйааммыт барахсан.


Ыллык суолум

 Иккис ийэ оҥостон
           Иитээччибин таптыыбын,
           Кэлбэт күммэр чуҥкуйан
            Доҕотторбун суохтуубун. 


Дьокуускай куоратым

Дьоһун сиргэ-дойдуга - 
Дьокуускайга олоробун,
           Ньиргиэр тыастаах куораппын
Олуус-олус таптыыбын.


Дэриэбинэм

          Самаан сайын күөх тыаҕа
          Күүлэйдиири таптыыбыт,
Тэлгэһэҕэ күөх окко
      Күөлэһийэ оонньуубут.


Аһын, таптаа кэрэни

                                                      Николай Чуор

     Үүнэн турар сибэккини
Үлүбүөй эн үргээмэ,
 Үрүмэччи барахсаны
Үлүһүйэн үргүтүмэ.


Атыттарга холобур 

                                                   Иван Мигалкин

 Ийэлээх аҕатын
         Улгумнук истээчччи,
 Улахан киһилии
                Лоп-бааччы туттааччы - 
Ол үчүгэй оҕо,
        Атыттарга холобур.


Күндү сайын ийэҕэ

                                                          Күннүк Уурастыырап

Ыраас гына таҥнаммыт
   Ыарыылартан куотуоҕуҥ,
  Чочуонайдык туттаммыт
     Доруобайдыыр буолуоҕуҥ.




четверг, 14 мая 2020 г.

Сыһыарыы

Тиэмэтэ - "Сибэккилээх ваза"


Сыала:
Өҥнөөх кумааҕынан сибэккилээх ваза оҥоруу
Соруктар:
1. Бэлэм кырыллыбыт кумааҕылары (шаблоннары) килиэйдээһин.
2. Оҕо лиискэ сөптөөхтүк сыһыарарын ситиһии.
3. Килиэйинэн сөпкө туттарга, үчүгэйдик сыһыарарга үөрэтии.
4. Чэнчистик, ыраастык үлэлииргэ, туттарга үөрэтии.

Сыһыарарга туттуллар тэриллэр:

Өҥнөөх кумааҕы
Кыптыый
Килиэй
Харандаас
Альбом лииһэ
Линиэйкэ
Шаблон



 Шаблон



Сыһыарыы хаамыыта

1. Маҥан лииһи эргиччи төрөппүт/иитээччи 1 см-даах атын өҥнөөх кумааҕынан араамалыыр о.э. хартыына макетын оҥорор.


2. От күөх кумааҕынан сэбирдэхтэри оҥорон бэлэмниир.



3. Сибэкки трафаретын оҥорон кыһыл сибэккилэри кырыйыллар.



4. Салгыы оранжевай дьүһүннээх сибэккилэри оҥоробут.


5. Аны халлаан күөх сибэккилэри быһабыт.


Бу курдук сибэккилэр буолан тахсаллар.


6.Төрөппүт/иитээччи ваза трафаретынан кугас кумааҕыттан (атын да өҥ буолуон сөп) ваза кырыйар.



7. Оҕо вазаны ылан кумааҕыга килиэйдиир.


8. Салгыы сибэккилэри уонна сэбирдэхтэри бэйэтэ талан сыһыартыыр (хол., бу курдук)



9. Төрөппүт/иитээччи оҕо сыһыарар кэмигэр көрөн, көмөлөһөн биэрэр..


10. Оҕо улахан киһи көмөтүнэн кырыллыбыт сибэккилэри, сэбирдэхтэри барытын сыһыарар.



11. Сибэкки ортотугар араас өҥнөөх төгүрүктэри сыһыаран биэриэххэ сөп.


Бу маннык дьэрэкээн сибэккилэрдээх ваза буолан таҕыста! Хартыынаны дьиэҕит көстөр сиригэр ыйаан истиэнэҕитин киэргэтиҥ. Оҕо оҥорбут хартыынатыттан үөрэрин, дуоһуйарын ситиһиҥ.

Презентация. Сибэкки олордуу

Презентация.


(үөһэ ааты баттааҥ, ссылканан киирэн көрүҥ )

Космея - фото цветов Махровой, Дваждыперистой, Шоколадной, Черной ...

Космея посадка и уход в открытом грунте

среда, 13 мая 2020 г.

Уруһуй

Одуванчик стоковое фото. изображение насчитывающей чертеж - 121152838Тиэмэтэ - Ньээм-ньээм сибэкки (одуванчик)
Сыала: тарбаҕынан эбэтэр баата палочканан сибэкки уруһуйдуурга үөрэтии. Сибэкки өҥүн-дьүһүнүн чиҥэтии (от күөх уонна араҕас).  Айылҕаны харыстыы үөрэнэргэ, кэрэттэн үөрэргэ иитии-такайыы. 
Туттуллар матырыйаал уонна тэрил: ньээм-ньээм сибэкки ойуута, ыҥырыа, альбом лииһэ, от күөх уонна араҕас кырааска, сииктээх салфетка.
Эрдэтээҕи үлэ: хонууга үүммүт ньээм-ньээм сибэккилэри көрдөрүү. 
Иитээччи/төрөппүт: Оҕолоор, биһиэхэ саас кэлэн кыһын утуйбут от-мас тыллар, көҕөрөр кэмэ тиийэн кэлэн турар. Аан бастаан ньургуһун сибэкки тоҥ буору тобулан үүнэн тахсан дойдубутун киэргэтэр. Дьэ ол кэннэ сир хараарбытын, ирбитин кэннэ араас эгэлгэ сибэкки үүнэр. Олортон биирдэстэрэ ньээм-ньээм сибэкки буолар (ойууну көрдөрүү). Бу баар. Кини күн курдук араҕас, төгүрүк быһыылаах.
Одуванчики в траве (Анна Присяжная) / Стихи.ру
новые приключения пчёлки майи смотреть подряд все серии онлайн ...Иитээччи/төрөппүт: Болҕойон көрдөххө, кини туохтаах эбитий? Сэбирдэхтээх, умнастаах, сибэккилээх. Оҕолоор, истэҕит дуо, туох эрэ тыаһыыр.  Туох эбитэ буолла? Наһаа муодунай таҥастаах, эриэн араҕас былааччыйалаах, кынаттаах! Кыра да буоллар, тиктэҕинэ олус ыарыылаах! 
Оҕо: Ыҥырыа. 
Иитээччи/төрөппүт: Үтүө күнүнэн, ыҥырыа! Ким диэн ааттааххыный? 
Ыҥырыа: Дорооболоруҥ. Маайа диэммин. Мин халлаан сылыйан, сибэккилэр тахсан эрдэ уһугуннум уонна бу эһиэхэ көтөн кэллим. Ньээм-ньээм оту көрүөхпүн олус баҕарабын. Киниттэн нектар хомуйуохтаахпын. 
Иитээччи/төрөппүт: Биһиги Маайаҕа көмөлөһүөхпүтүн сөп ээ. Ньээм-ньээм сибэкки уруһуйдаан. Оччотугар уруһуйдуур тэрилбитин ылыах. Мин эйиэхэ бу бэлэмнээбитим. Маны от күөх уонна араҕас өҥүнэн палочканан табыгыратан кырааскалыахпыт. Бу курдук (көрдөрөн биэрии).
Оҕо уруһуйдуур кэмигэр ыҥырыаны хамсатан көрүү-истии, сүбэлээһин, хайҕааһын.
Иитээччи/төрөппүт: Олус да табыллыбыт, дьэрэкээн сибэкки буолан таҕыста. Маладьыас! Билигин Маайа манна олорон нектар хомуйуо. 
Нетрадиционное рисование в средней группе, в том числе ватными ... ГОРОДСКОЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА И ДОСУГА «ЛЕПСЕ» | Новости
Маайа: Махтал, ...! (сибэккигэ олорон нектар иһэрин курдук көрдөрүү). Олус да минньигэс сок истим. Өссө төгүл баһыыба! Дьэ билигин тотоммун, баҕалаах сокпун иһэммин дьиэ оҥосто бардым. Көрсүөххэ диэри!
Оҕо: Көрсүөххэ диэри!

вторник, 12 мая 2020 г.

Ахсаан

ХАТЫЛААҺЫН

Сыала - сыллааҕы барбыт тиэмэлэри хатылааһын, чиҥэтии.

1 сорудах. Төгүрүгү кыһыл, үс муннугу от күөх уонна түөрт муннугу араҕас өҥнөрүнэн кырааскалаа. Ахсааннарын тылгынан эт.
Конспект занятия по ФЭМП в детском саду во второй младшей группе ...
2 сорудах. Элбэх сибэккилээх вазаны харандааһынан (тарбаххынан) төгүрүтэн бэлиэтээ.

Презентация по математике на тему"Один- много,ни одного" (1 класс)
3 сорудах. Хартыыналары болҕойон көр. Туох соҕотоҕун (биирин), туох элбэҕин толкуйдаан эт. Ахсааннарын аах.
Программное обеспечение «Обучающе-оздоровительная программа ...
4 сорудах. Тиийбэт геометрическэй фигураны бул.

Конспект занятия в младшей группе на тему "Части суток"

5 сорудах. Хартыыналары көр. Бастаан туох буоларый, ол кэннэ? Сарсыарда уонна күнүс, киэһэ уонна түүн туох буоларый? Эн хаһан тураҕыный, суунаҕыный, аһыыгыный, онтон хаһан утуйаҕыный? 

Пособие для детей части суток — Rodden.ru

6 сорудах. Баспытаатал тугу тутан олороруй? Кини иннигэр хас оҕо олороруй? Кэннигэр туох турарый? Истиэнэҕэ туох ыйаммытый? Хас оҕо оонньуу сылдьарый? Тугунан? Уол туох үөһэ турарый? Кыыс хас кубигы сааһылаан уурбутуй? Өссө туох оонньуурдар баалларый? Хас мээчик баарый? Хайдах дьүһүннээхтэрий? Баспытаатал, оҕолор туохха олороллоруй? 

Веселые статусы про детский сад | Анекдотов мир | Яндекс Дзен

понедельник, 11 мая 2020 г.

Тыл сайдыыта

[К] дорҕоону чуолкайдык саҥарарга үөрэтии

Смешные картинки с буквами алфавита | hockeytape.ru

Дьарыкка бэлэмнэнии


  • К дорҕоонноох тыллары этиттэрии.
  • "Ханна тыаһыыр. Таай". Чуораан оннугар атын да биридимиэти тыаһатыаха сөп.
  • Ат туйаҕын тыаһын үтүктүү (тылынан таҥалайы таһырҕатыы).
  • Маляр (тыл төбөтүнэн таҥалайы кырааскалыыр курдук төптөрү-таары сотор).
  • Хормуоска (айах аһаҕас, уос мичээрдиир. Кэтит тыл таҥалайга сыстар, айах аһылла-аһылла сабыллар).
Дьарык хаамыыта

1. - Оҕолор, бүгүн биһиги эмиэ айанныы барабыт, таайыҥ эрэ тугунан барарбыт буолуой?
"Чук-чук-чук" - тыанан, ойуурунан түргэнник айанныыр (поезд) 

ᐈ Как нарисовать железную дорогу рисунки, фото железная дорога ...
Бары айанныаҕыҥ "чук-чук-чук" (төгүрүччү хаамаллар).
2. - Айаннаан кэллибит ойуурга. Ойуур олохтоохторо поезд тыаһыттан куттанан бары мас кэннигэр саспыттар. Эһиги ыҥырдаххытына эрэ тахсыахтара

       Кэрии тыаҕа кэҕэ көтөр.
Кукууктура иһиллэр

Кэҕэ хайдах саҥарарый, үтүктүҥ. Кэҕэ саспыт эбит. Кукушка птица, фото

 Ойуолууру эрэ сатыыбын,
Ончу сатаан хаампаппын,
  Куруҥ тыаҕа дьиэлээхпин,
Куттаһа суох куобахпын.

                                                                                                            И. Эртюков
Заяц-беляк (Lepus timidus) — Зоопарк «Лимпопо» г. Нижний Новгород ...

Ким саспыт эбитий? Куобах туһунан хоһоону аахтыбыт.

      Туораах бурдугу уорааччы,
   Туой дьонтон куотааччы,
     Туора-маары ойуолааччы,
Топпокко сылдьааччы.

                                                                         И. Эртюков

Моҕотой саспыт. Хоһоону өссө ааҕыаҕыҥ. Бурундук – наш полосатый друг. - Простые истории о сложной жизни

3. Хамсаныылаах тохтобул.

Куобах

     Куттас куобах барахсан
    Кыра тыастан соһуйан.
    Онно-манна ойуолуур,
Оту-маһы одуулуур.
           Чэри-чэрэгэр кулгааҕынан
            Чэрэйэн олорон иһиллиир,
 Куруҥ тыаҕа тахсан,
          Кыыралдьыйа сүүрэлиир.

                                                                                    И. Мигалкин

(Хоһоон ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн хамсаналлар, куобах буолан төгүрүччү ойоллор).
4. - Эмискэ ардах түстэ, "кап-кап-кап", бары поезпытыгар куотуоҕуҥ. Ардах тыаһыҥ үтүктүҥ.
5. Салгыы айаннаан эбээҕэ кэллибит. Олбуорга кимнээх олороллоруй?
"Д ь и к т и  м ө һ ө ө ч ч ү к т э н" (куоска, куурусса, бөтүүк) оонньуурдары хостоон таһаарыҥ.
6. - Эбээ олбуорга тахсыбыт. Кууруссатын ыҥырбыт: "Куть-куть... куутьа-куутьа". Куруппа биэрбит. Куурусса оҕолорун ыҥырбыт: "Ко-ко-ко... ко-ко-ко..." Бөтүүк олбуорга ыстанан тахсан хаһыытаабыт: "Ку-ко-ки-куук" ("Ку-ко-ре-куук").
7. Көрүҥ эрэ, ыал куоската олбуорга үөмэн киирэн иһэр, куурусса оҕолорун сиэри. Куһаҕан куосканы үүрүөҕүҥ "Кыш-кыш.., кыш-кыш..."
8. "Чук-чук-чук" - төптөрү олорон дьиэбитигэр айанныаҕыҥ.

Хромая курица - Евгений Пермяк, читать онлайн Алексей Ерёмичев - Кот Васька: читать хорошие стихи современных ...

Презентация "Кыайыы 75 сылынан"

"Бессмертный полк"



четверг, 7 мая 2020 г.

Сыһыарыы

«Махтал кыайыыны аҕалбыккытыгар!
Сыала-соруга: - Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр ытыктабыллаах сыһыаны иитии, кинилэргэ анаан открытка оҥоруу;
- сыһыарыы үөрүйэхтэрин салгыы сайыннарыы;
- композиция (ис хоһоонноох тутул) оҥорорго үөрэтии.
Эрдэтээҕи үлэ: Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи иллюстрациялары көрүү, хоһооннору ааҕыы, истии, «Ыам ыйын 9 күнэ – Кыайыы күнэ» диэн тиэмэҕэ бэсиэдэ оҥоруу.
Туттар тэрил: парад туһунан презентация, салют ойуута, сэрии кэминээҕи иллюстрациялар, открыткаҕа аналлаах бэлэм кырыйыылар. 
Дьарык хаамыыта:
Иитээччи/төрөппүт: Оҕолоор, сарсын ол эбэтэр ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы бырааһынньыга буоларын туһунан этэн аһарбытым. Аҕа дойду сэриитигэр кыайыыбытын бэлиэтиир улуу бырааһынньыкпыт буолар. Бу сэриигэ олус элбэх дьон өлбүтэ. Сорох саллааттар тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ. Хомойуох иһин, кинилэр ахсааннара күн-түүн аҕыйаан иһэр. Кырдьан, ыалдьан суох буолуталаатылар. Оччолорго кинилэр эдэркээн этилэр. Саа-саадах тутан, дьоннорун, оҕолорун хаалларан, Ийэ дойдуларын өстөөхтөртөн көмүскүү барбыттара. Кинилэри билигин сэрии бэтэрээннэрэ диэн ааттыыбыт (ойууну көрдөрүү). Бу тураллар элбэх мэтээли, уордьаны иилинэн. 1945 сыллаахтан кинилэри чиэстээн сыл ахсын парад ыытыллар.
Ветераны задумались об участии в Параде Победы – Победа РФ
      Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит эмиэ Кыайыыны уһансыбыттара. Тыылга олорон үлэ бөҕөтүн үлэлииллэрэ, аччыктыыллара, хоргуйан да өлөллөрө. Бу баар хос эһэҥ/хос эбэҥ (хаартысканан оҕоҕо сиһилии кэпсиэххэ сөп). Кинилэргэ биһиги махтанабыт, сүгүрүйэбит. Куруук ахтан-санаан ааһыахтаахпыт. Тоҕо диэтэр биһиэхэ эйэлээх олоҕу аҕалбыттара, сэриини тохтоппуттара. Кыайыы күнүгэр элбэх уордьаннаах, мэтээллээх кырдьаҕас киһини көрүстэххинэ, хайаан да тохтоон дорооболоһор, эҕэрдэлиир буол. Автобуска миэстэни туран бэриллиэхтээх, суолу туоруур сиргэ көрүстэххинэ, дьоҥҥун кытары көмөлөһөр буол. Кинилэр үтүө сыһыантан олус үөрүөхтэрэ, биһиги өйдүүллэр, ытыктыыллар эбит диэн дьоллонуохтара. 
День Победы
                                                              Т. Белозеров
           Майский праздник — 
День Победы -
         Отмечает вся страна.
          Надевают наши деды
Боевые ордена.
            Их с утра зовет дорога
                 На торжественный парад,
          И задумчиво с порога
                 Вслед им бабушки глядят.
       Кыайыы бырааһынньыга парадтан саҕаланар (парад ойуутун көрдөрүү). Кыайыы күнүн айхаллаан халлааҥҥа салют ыталлар.  (салют ойуутун көрдөрүү).
Решение о переносе парада Победы уже принято — СМИ — Новости ...
Российский туризм / Главное / Салют на 9 мая 2016 в Москве пройдет ...
Вокруг все было тихо.
    И вдруг - салют! Салют!
                           Ракеты в небе вспыхнули и там, и тут!
            Над площадью, над крышами,
        Над праздничной Москвой
Взвивается все выше
Огней фонтан живой.
На улицу, на улицу
Все радостно бегут,
Кричат: «Ура! »
                                            Любуются на праздничный салют!                  
Хамсаныылаах тохтобул. 
Саллааттар курдук парадка,
Биир тэҥник хаамабыт,  
Биир-икки, биир-икки
Биһигини көрүҥ эрэ.
Ытыспытын таһынабыт
Бары бииргэ, бэһиэлэйдик!
Атахпытын өрө көтөҕөн,
Илиибитин дайбанан
Хаамабыт, хаамабыт!
Иитээччи/төрөппүт: Маладьыастар! Оҕолоор, биһиги бэтэрээн дьоммутун эҕэрдэлээн открытка оҥоруохпут уонна бэлэхтиэхпит. Оччоҕо кинилэр биһиги махталбытын өйдүөхтэрэ, үөрүөхтэрэ.
(Открыткаҕа аналлаах бэлэм кырыыйалары көрдөрүү)
Иитээччи/төрөппүт открытканы хайдах оҥоруллуохтааҕын көрдөрөн, быһааран биэрэр.  
День Победы – 9 мая в детском саду. Сценарии. Младшая группа Открытка к 9 Мая ко Дню Победы — вторая младшая группа ...
Аппликация к 9 мая. Мастер-класс | Открытки своими руками, Детские ... Мастер-класс «Открытка к 9 мая» с пошаговым фото
Детские поделки к 9 мая. Воспитателям детских садов, школьным ...
Иитээччи/төрөппүт: Маладьыас! Олус да үчүгэй открытка буолла. Эһэҥ/эбэҥ бу открыткаҕын туттаҕына олус да үөрүө, манньыйыа. 
Хоһоон ааҕыытынан түмүктүөххэ сөп:
Мин эһэм - ветеран
                                                                                               Лия Павлова
Кырдьаҕас эһэбин кытары
       Мин бүгүн парадка сырыттым,
    Сибэкки дьөрбөтө тутаммын
        Болуоссат устунан хаамыстым.

       Кырдьаҕас мин эһэм - ветеран,
         Сэриигэ хорсуннук сылдьыбыт,
Эйэлээх олоҕу көмүскээн,
   Дойдутун туһугар охсуспут.

Эһэбин уруйдаан парадка
                 Биир тэҥник саллааттар хаамтылар,
        Кырдьаҕас буойуҥҥа эдэрдэр
              Чиэс биэрэн айхаллаан аастылар.

         Кырдьаҕас мин эһэм - ветеран.
      Хорсунун холобур оҥостуом,
             Куруутун кининэн киэн туттуом,
             Аҕалбыт кыайыытын ытыктыам.